Хатыҥ Арыы нэһилиэгин истиҥ ийэлэрэ, эбэлэрэ быйыл олунньуттан саҕалаан, ситимнэрин быспакка, анал байыаннай дьайыыга сылдьар уолаттарга таҥас-сап тигэллэр. Быһыллыбыт ньэмиэттэрин Дьокуускайтан иистэнэр сыахтан ылаллар. Онон Кыһыл Дэриэбинэ «Сайдыы» сынньалаҥ киинигэр бэйэлэрэ кыра сыах арыйан күн бүгүҥҥэ диэри иистэнэ олороллор.
Балаҕан ыйын 15-18 кк. ыытыллыбыт «Илии сылааһа-2023» диэн байыаннай таҥаһы тигиигэ кэтэхтэн өрөспүүбүлүкэтээҕи көрүү-күрэхтэһиигэ алта киһилээх, Дария Мальцева салайааччылаах «Сыдьаайа» хамаандата кыттан, иккис бириистээх миэстэни ылбыта уонна иистэнэр массыынанан, өтүүгүнэн наҕараадаламмыта.
Дария Ивановна иһитиннэрбитинэн:
Күрэх кэнниттэн тохтоон хаалбакка, билигин даҕаны иистэнэр массыынаттан илиибитин араарбакка, нэдиэлэҕэ икки, үс күн устата иистэнэбит. Билигин, холобура, алтынньы 15 күнүттэн сэтинньи 15 күнүгэр диэри уопсайа 4 устуука ватин истээх куурка, 16 х/б ыстаан, 4 китель, 5 флис ыстаан, 26 нательнай ис таҥас, 11 тактическай ырбаахы, 4 флис куурка, 7 футболка тигэн, Дьокуускайга «Добровольческий швейный цех женщин-матерей РС (Я) «Илии сылааһа» (“Тепло рук”) киллэрэн туттардыбыт. Бу нэдиэлэҕэ былааммыт х/б көстүүмнэри уонна флисовай кууркалары тигиэхтээхпит.
Билигин түөрт буолан иистэнэ олоробут. Түгэнинэн туһанан, Нам улууһун бары ийэлэрин олорор нэһилиэктэргитигэр биһиги курдук кыра сыахтары арынан, таҥас тигэргэ көмөлөһөргүтүгэр ыҥырабын. Оччоҕо үлэбит тохтоон, симэлийэн хаалбакка барыа этэ.
Надежда Сивцева