«Күн дэлэйэ» биэрии Намҥа ыалдьыттаата

Ыам ыйын 17 күнүгэр Н.М. Рыкунов аатынан Нам киин библиотекатыгар «Библионочь-2024”  Бүтүн Арассыыйатааҕы аахсыйа чэрчитинэн дьон-сэргэ сөбүлээн, сэргээн көрөр “Саха” НКИХ «Күн дэлэйэ» биэрии ыалдьыттаата.

Бу күн биэрии ааптара, ыытааччыта, биир дойдулаахпыт Екатерина Эверстова олус туһалаах, сэргэх көрсүһүүнү тэрийдэ. Кини биэриитигэр үгүстүк кыттыыны ылар, биллэр-көстөр дьону кытта намнар атах тэпсэн олорон кэпсэттибит. Ол курдук, биологическай наука кандидата Константин Кривошапкин, нутрициолог Ирина Гаврильева, Саха сирин сүүмэрдэммит хамаандатын бэлэмниир киин кылаабынай бырааһа Лидия Аргунова кыттыыны ыллылар.

Ыалдьыттар доруобуйаҕа туһалаах үгүс сүбэлэри биэрдилэр, ньымалары көрдөрдүлэр. Күннээҕи аһылык режимэ, сөптөөх аһылык — уһун үйэлэнии кистэлэҥэ, өбүгэлэрбит айылҕаҕа үүнэр оттору, отоннору хайдах туһаналлар этэй уо.д.а ыйытыыларга хоруйдаатылар, сиһилии сырдаттылар. Көрсүһүүгэ кэлбит дьон-сэргэ олус туһалаах, интэриэһинэй тэрээһин буолла диэн санааларын үллэһиннилэр, ыалдьыттарга, библиотека үлэһиттэригэр махталларын биллэрдилэр, аны да маннык көрсүһүүлэр ыытылла туралларыгар баҕа санааларын эттилэр.

Р. Гоголева