«Күнү кытта аргыстаһан санаам далын тиһэбин…»

Н.М. Рыкунов аатынан Нам улуустааҕы киин библиотекатыгар поэт, суруналыыс, Арассыыйа суруналыыстарын, СӨ суруйааччыларын сойуустарын чилиэнэ, Саха сирин киинэтин бэтэрээнэ, Салбаҥ, Хамаҕатта нэһилиэктэрин Ытык киһитэ, тыыл, үлэ бэтэрээнэ Макар Николаевич Жирков-Хара Макаар төрөөбүтэ 95 сылыгар аналлаах «Хоһооннорум — иэйиим сылаас тыыннара» ахтыы тэрээһинэ буолла.

Ахтыы истиҥ тэрээһинигэр Макар Николаевич кыргыттара Лариса Макаровна Жиркова, пенсионнай управление бэтэрээнэ; Матрена Макаровна Зырянова, «Эдэр гварлеец» бэлиэ хаһаайына, «Здоровые ноги» педикюрнай кабинет маастара; Маргарита Макаровна Кузьмина, тыа хаһаайыстыбатын туйгуна, «Көмүс күһүн» үҥкүү бөлөҕүн бэтэрээнэ уонна Макар Николаевич чугас аймахтара, үөлээннээхтэрэ, улуустааҕы «Отуу уота» литературнай түмсүү кыттыылаахтара, ааптар айымньытын, саха литературатын сэҥээрээччилэр сырыттылар. Кини кыргыттара аҕаларын туһунан, ыалдьыттар Макар Николаевич туһунан иһирэх ахтыылары оҥордулар.

Касьян Олесов-Олук

Читайте дальше