2023 сыл балаҕан ыйыттан Нам улууһун Кыһыл Дэриэбинэтигэр «Мичээр» уһуйаан саҥа дьиэҕэ үлэтин саҕалаабыта. Оҕолор аныгы кэмҥэ эппиэттиир, киэҥ, сырдык уһуйааннарыгар үөрэ-көтө сылдьаллар.
Иитээччилэр көҕүлээһиннэринэн, оҕолорго үтүө санаа, үтүө быһыы, ыарахан кэмҥэ көмөлөһүү диэн өйдөбүлү иҥэрэр сыаллаах, уһуйаан үлэһиттэрэ, иитээччилэрэ оҕолорбутун кытары бииргэ олорон «Блиндаж чүмэчитэ» акцияҕа кыттыһан чүмэчи оҥордубут.
Оҕолор ким тугу сатыырынан хордуон кырыйсан, чүмэчи илдьиритэн тэбис тэҥҥэ үлэлэстилэр. Кимнээххэ уонна тоҕо оҥороллорун билэр буолан, ис сүрэхтэриттэн кыһаннылар. Ол курдук, 12 устуука чүмэчини оҥорон уһуйаан сэбиэдиссэйигэр Мария Кривошапкинаҕа туттардыбыт. Оҕолорбут үтүө дьон буолан тахсалларыгар ис сүрэхпититтэн баҕарабыт, кыһамньыбытын уурабыт.
М.А. Парникова, Э.Р. Николаева, иитээччилэр