Худуоһунньук Вячеслав Яроев хартыыналарын олус сэргии, кэрэхсии көрөбүн, чугастык ылынабын. Өбүгэ олоҕун көрдөрөр уруһуйдара элбэх, олортон кыраһыын лаампалаах натюрморт сүрэҕим ортотунан киирдэ. Наһаа да оҕоргуу, сүтэрбиппин булбуттуу сананным…
Холустаҕа баар туос иһиттэртэн, тордуйалартан, мас кытыйаттан, алтан чаанньыктан кыраһыын лаампатын өстүөкүлэтэ сырдаан көстөрө харахпар тута быраҕылынна… уонна оҕо сааспар тириэртэ. Итинник лаампаны үрэ-үрэ хаһыатынан ыраастаан да биэрэрбит. Оҕо илиитэ кыра буолан батар буолуо, онон сууйар-сотор үлэ киниэхэ тиксэрэ, харыстаан сэрэнэн туттарбыт. Саппаас өстүөкүлэлэри дьоммут суксуруһуннара уган, быалаан баран үөһэ көхөҕө ыйыыллара. Маннык лаампаны балаҕан баҕанатыгар кыра долбуур оҥорон онно уурар буолаллара. Кини сырдыгар ыал киэһэ аһылыгар мустара, оҕо-аймах остуол тула оонньуура. Ол бэйэтин Ильич лаампата солбуйан, ампаарга тахсан, онно харалла сатаан баран, сүтэн бардаҕа…
Таатта талааннаах худуоһунньуга Вячеслав Яроев өбүгэбит тутта сылдьыбыт бэйэ илиитин сылааһынан чочуллан, тигиллэн тахсыбыт иһитин-хомуоһун, малларын бииргэ түмэн ойуулаабыт. Ону кытта сырдыгынан сыдьаайбыт кыраһыын лаампатын кинилэр ортолоругар ордук чорботон көрдөрбүккэ дылы. Ааптар аҕа көлүөнэ дьоммут күндү малларын киистэ, кырааска көмөтүнэн холустаҕа түһэрбит, хайдах дьылҕаламмыттарын бу натюрмортка көрдөрбүт уонна толкуйдуурбутугар анаабыт дии санаатым.
Кыраһыын лаампата
Кылбайа көһүннэ,
Кыра оҕо сааспын
Көөчүктүү көрүстэ.
Холуста иэнигэр
Хоһууннук тутунна,
Холбуйа үрдүгэр
Хороллон турда.
Чочуонай быһыыта
Чопчутук бэриллэн,
Чугаһатта өбүгэм олоҕун,
Чиҥэттэ оҕо сааспын.
Мария Винокурова