Хатыҥ-Арыы нэһилиэгин социальнай ситимин бөлөҕөр Аппааны олохтооҕо Василий Бурнашев кырдьаҕас мас туһунан хаартыскалаах иһитиннэрии ыыппытын, интэриэһиргээн көрөн кэллибит.
Нэһилиэк спордун уонна ыччатын отделын дириэктэрэ Егор Бурнашев, историяны уонна кыраайы үөрэтэр түмэл үлэһитэ Касьян Сивцевы кытта арҕаа сыбаалка суолунан айаннаан кырдьаҕас, бэлиэ маска тиийдибит.
Бэлиэ мас «Харлаампый» бааһынатын таһыгар сырыынньа сиргэ соҕотох турар.
Аҕыйах сыллааҕыта баараҕай тиит мас тирэхтээхтик үүнэн турбут, кэлин ойоҕоһуттан үүнэн тахсыбыт лабаата тостон сууллубут. Маска икона быһыытынан
кыһыллан оҥоһуллубут көнө иэҥҥэ үөһээ «МС» инициаллар уонна «1890-1891 г.» диэн суруктаах. Тиит мас аллараа өттүгэр сүгэннэн быһа охсуу бэлиэ оҥоһуллубут.
И.Е. Винокуров аатынан Хатыҥ-Арыы орто оскуолатын нуучча тылын учуутала Анна Васильева иһитиннэрбитинэн, уонча сыллааҕыта аймаҕа уол Саша Ноговицынныын этнограф-сибировед, суруйааччы, публицист В.Л. Серошевскай Намҥа кэлэн олорбут олоҕун үөрэтэ сылдьан, ити маска ол кэмҥэ олоро сылдьыбыт полит. сыылынайдар хаалларбыт сурук бэлиэлэрэ буолуо диэн санааҕа кэлбиттэр.
Үйэлэри уҥуордаан кэлбит историябытын кэлэр ыччаппытыгар тиэрдэр ытык иэспит буоларын умнуо суохтаахпыт. Бу бэлиэ мас туһунан ким тугу билэрий, истибитэй? Таайыллыбат таабырын буоллаҕа…
Надежда Сивцева