Саха Республикатын маҥнайгы Президенэ Михаил Николаев 2000 сыллаахха кырдьаҕастары уһун үйэлииргэ аналлаах киини арыйбыта. Гериатрическай киин бу күн 5 отделениелаах үлэлиир. Манна билигин 76 киһи көрдөрүнэ, эмтэнэ сыталлар. Ытыктабыллаах Президеннэрэ суох буолбутун истэн кутурҕаннарын биллэрэллэр, кырдьаҕастары харыстыыр киини тэрийбитин махталынан ахталлар.
Мария Винокурова