Кырдьаҕастар уонна инбэлииттэр хатырыктарга көмөлөрүн ыыттылар

Нам улууһугар үлэлиир өрөспүүбүлүкэтээҕи кырдьаҕастар уонна инбэлииттэр интернат-дьиэлэригэр барыта 63 киһи олорор. Өрөспүүбүлүкэтээҕи интернат-дьиэҕэ кылгас болдьоххо 1-1,5 ыйга сынньанар хайысха арыллыбытын дириэктэр Инна Сивцева этэр.

“Билигин интернат-дьиэбитигэр дьон кэлэн кылгас кэмҥэ сынньанар. Бэлиэтээн эттэххэ, үлэбит бу хайысхата инникитин да үлэлиэҕэ”, – диир Инна Иннокентьевна.

Бүгүҥҥү күҥҥэ аҕам саастаахтары сынньатар салаанан 13 киһи киирэн олорор. Икки Үөдэй олохтооҕо, биир Партизантан, биир Бөтүҥтэн уонна түөрт Арбынтан бааллар. Итиэннэ Дьокуускайтан уонна Уус Алдантан кэлэн олороллор. Кинилэргэ усулуобуйа барыта тэриллибитин дириэктэр бэлиэтиир.

«Нам улууһугар сааскы халааҥҥа бэлэмнэнии чэрчитинэн 8 киһи киирбитэ.

Бу күннэргэ кырдьаҕастар баҕа санааларынан, бэйэлэрин көҕүлээһиннэринэн Хатырык нэһилиэгэр көмө харчы туттардыбыт. Олохтоох кырдьаҕастар хатырыктары кытта урут-уруккуттан шефтэһэллэр, доҕордоһоллор. Ол курдук, кинилэр оскуола, библиотека үлэһиттэрин кытта чугастык алтыһаллар.

Оттон интернат-дьиэ коллектива халаан уутуттан эмсэҕэлээбиттэргэ туһулаан харчы хомуйан саҕалаата, субуотунньуктарга кытынна», — диир Инна Иннокентьевна.

Харысхан Попов

Читайте дальше