Хамаҕатта нэһилиэгин ,,Кытыл» түөлбэтин олохтоохторо дойдубут Президенэ Владимир Путин Саха сиригэр кэлбит бэлиэ күнүгэр (18.06.2024) киэһэ 7 чаастан Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа М.И. Жирков пааматынньыгын таһыгар мунньахха муһуннулар. Олохтоохтортон 20 киһи, дьаһалтаттан баһылык Евгений Ушницкай, солбуйааччыта Владилен Москвитин, МАУ салайааччыта Валентин Абрамов кэлэн кыттыыны ыллылар.
Мунньах бэбиэскэтин, түмүгүн туһунан түөлбэ начальнига Марфа Харитонова:
Бастатан туран, баһылык Евгений Ушницкай нэһилиэккэ бара турар үлэлэр уонна инники былааннар туһунан уопсай иһитиннэрии оҥордо. Биһиэхэ туруохтаах былаһаакканы Таганрог куораттан сакаастаабыттара от ыйын бүтүүтэ кэлиэхтээх.
Оҕо оонньотор былаһааккабыт миэстэтин М.И. Жирков пааматынньыгын аттыгар ордук буолуо диэн уопсай быһаарыыга кэллибит. Эһиил Кыайыы 80 сылыгар пааматынньык реставрацияланар уонна территорията кэҥээн сквер оҥоһуллар. Харчытын көрбүттэр. Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа Макар Иннокентьевич Жирков Хамаҕатта нэһилиэгин ревкомун председателэ, сэрии толоонугар охтубута. Киниэхэ анаммыт пааматынньык Кириэс Кытылга 1995 с. тутуллубута уонна ити уулуссаҕа кини аатын иҥэрбиттэрэ.
Оҕо былаһааккатын туруорарга, сирин көннөрүүгэ уонна күрүөҕэ 100 тыһ.солк түөлбэ олохтоохторо көмөлөһөн хомуйабыт диэн быһаарынныбыт. Инникитин былаһаакканы кэҥэтэн беседка, волейболлуур былаһаакка эҥин курдуктары оҥотторор этиилэр киирдилэр
Мунньах түмүгүнэн маннык уураах ылынныбыт:
Ыал аайыттан 1000 солк. кырата суох суума хомуллар, ким элбэх сууманы биэрэрэ биһирэнэр.
Харчыны хомуйууну нэһилиэнньэҕэ ыҥырыы таһааран кыттыгас үбүлээһин быһыытынан кэлэр ый 15 күнүгэр диэри түмүктээн туттарыахтаахпыт.
Мария Винокурова