Тута саҕалыахха. Олохтоох дьаһалта 2024 сылга уонна инники сылларга хайдах быһыылаахтык үлэлиэҕэй?
Нам сэлиэнньэтэ тохсунньуга эбэтэр олунньуга икки автобус кэлэрин күүтэр. Оччотугар дьон бириэмэтин сүүйтэрбэккэ автобус чопчу кэлэр бириэмэтигэр тохтобулга тахсыаҕа. Аны Ленскэй нэһилиэк баһылыга Петр Сокольников нэһилиэктэр икки ардыларыгар маршрут оҥорон олоххо киллэрэр былааннаах. Барыта санаа хоту буоллаҕына, Намҥа үлэлиир Хамаҕатта да, Аппааны да олохтоохторо суолга эрэйи көрсөллөрө тохтуоҕа.
Сэлиэнньэбит киинигэр турар урукку тэрилтэлэр хаарбах дьиэлэрэ көтүрүлүннэхтэринэ, ити миэстэлэргэ туох тутуллуоҕай диэн олохтоохтор сөпкө долгуйаллар. Эмискэ “ити миэстэ ылыллыбыт үһү” диэнинэн буолбакка, сэлиэнньэҕэ туох үлэ бара турарын “Эҥсиэли” хаһыат нөҥүө сырдатыытынан истэ-билэ олоруохтарын баҕаралларын, Нам олохтооҕо, улуус кииннэммит библиотекаларын директора Майя Софронова этэр. Холобура, кэлэр сылларга урукку А.Ф. Шестаков аатынан култуура дьиэтин оннугар Оҕо киинэ баар буоларыгар үлэ ыытыллыаҕа. Ленскэй нэһилиэккэ 2024 сылы Оҕо спордун уонна Ыччат сылын биллэрбит Петр Григорьевич, сүрүн болҕомтотун Захар Винокуров аатынан Намнааҕы Оҕо искусствотын оскуолата, Оҕо киинэ баар буолуутугар ууруоҕа. Биллэн турар, сүдү үлэ элбэх бириэмэни, тулууру ирдиир. Онон тургутуулары күүтэр баһылык хаһааҥҥытааҕар да нэһилиэнньэттэн өйөбүл ылан кытаанах туруорсууну, үлэни ааһыаҕа.
Нэһилиэнньэ көмөтүнэн, Нам иһигэр өссө уларыйыы күүтүллэр. Ол курдук, Илья Винокуров аатынан уулусса массыына айанын тохтотон, бүтүннүүтүн дьон хаамарыгар анаан уларытыллыаҕа диэн этии баар.
Итэҕэстэр хаһан да бүтүөхтэрэ суоҕа
Дьон санаата ордук хото суол-иис мөлтөҕөр уонна уулуссалар сырдатыллыыта суохтарыгар тохтуур. Холобура, Салбанскай уулусса асфальтаммыта эрээри, уота да, анал бэлиэлэрэ да суохтар диэн этиллэр. Көнөтүнэн, балаһыанньатыгар олох эппиэттээбэт.
Салалта Салбанскай уонна Базовай уулуссалар кыһалҕаларын СӨ транспорга уонна суол хаһаайыстыбатыгар министиэристибэтигэр көтөҕөн өрөспүүбүлүкэ көрүүтүгэр көһөрөр санаалаах. Тоҕо диэтэр, кыһыннары, сайыннары икки улууһу хааччыйар суол өрөспүүбүлүкэ ыарахан кыамталаах улахан массыыналарын аһардар. Өрөспүүбүлүкэ бэйэтигэр ыллаҕына, биллэн турар, толору уоттанар уонна суол бэлиэлэрэ тураллар.
Нам улууһун баһылыга Юрий Слепцов өйөбүлүнэн, чуолаан, улуус киинэ Ленскэй нэһилиэк сайдыытыгар 5 сыллаах программа ылыллыбытын Петр Григорьевич өссө төгүл санатар.
Биирдиилээн ыйытыылар, Ржевскай уулуссаҕа элбэх квартиралаах дьиэлэргэ сылгы үөрэ күүлэйдиирэ, урбаанньыттар нэһилиэк көстүүтэ тупсарыгар атыы-эргиэн дьиэлэрин аттыгар мас, сибэкки олордон кыһаллыахтара этэ диэн этиилэр киирэллэр. Ону тэҥэ, уһуйаан тутуутун боппуруоһа көтөҕүллэр.
“Нам улууһун баһылыга Юрий Иннокентьевичтыын уһуйаан тутуллуутун тула түргэтэтии толкуйдарын күн ахсын сүбэлэһэбит. Эдэр көлүөнэ чэгиэн-чэбдик буола улаатарыгар күүскэ үлэлиэхпит. Итэҕэһи була сатаатахха, итэҕэс тахсан көстө туруоҕа. Хайа баҕарар салайааччыга үгүс мөлтөх өрүтү эттэхтэринэ, үлэлиир да киһи үлэлиэх санаата кэлбэт буоларын, санаатын төнүннэрэн кэбиһиэххэ сөбүн өйдүөххэ”, – диир баһылык Петр Сокольников.
Ыйытыы биэриэхпит иннинэ, ырытан, үөрэтэн баран туруоруохха
Хоту да соҕуруу, да эҥэрдэр суоллара-иистэрэ мөлтөх. Чуолаан, Намнааҕы иккис нүөмэрдээх оскуола сиригэр-уотугар тохтуохха. Кырдьыга, күһүн, саас киһи сатыы тиийэригэр ыарахан. Оскуола суола тупсарыгар олохтоох дьаһалта уонна үөрэх управлениета тэҥҥэ үлэ ыытыахтарын наада.
Билигин буор баһар сирдэр (карьер) үксэ чааһынайдарга киирэннэр уустуктары үөскэтэр эбит. Ол курдук, дьаһалта МАУ тэрилтэни кытта үлэлэһэн туһунан буор баһар сирдэнэн эрэрэ этиллэр. Оччоҕо 103 уулуссалаах сэлиэнньэ суоллара көннөрүллэригэр үлэ хас да бүк чэпчиэҕэ, түргэтиэҕэ.
Дьон билиҥҥэ диэри “Намнааҕы педагогическай колледж баанньыга тоҕо үлэлээбэтий” диэн ыйытыы туруорар. Баанньыкка сылдьааччы киһи аҕыйаҕыттан тэрилтэ охсуу ыларын дириэктэр Елена Никитина этэн турардаах.
Сэлиэнньэ киинэ “куораттыҥы” буоллаҕына, кытыылар турбуттарын курдук тураллар. Соҕуруу, хоту, илин, арҕаа эҥэр олохтоохторо депутаттарын, түөлбэ салайааччыларын тула мустан дьаһалтаҕа сүбэ мунньах тэрийиэхтээхтэр. Депутат, түөлбэ салайааччыта көмөлөөх сэлиэнньэ хас да түөлбэтэ бэйэтин боппуруоһун быһааран турар. Буолар мунньахха, сүбэлэһиигэ бүтүн коллективынан кэлэн кыттыыны ыларга дьоҥҥо-сэргэҕэ ыҥырыы ыыттахха, хамсааһын тахсыаҕа.
Элбэх квартиралаах дьиэлэргэ куоска, ыт оҕолорун, бөҕү быраҕаллара билигин да тахсар. Маннык хартыынаны көрөөччүлэр ыйдааҕы төлөбүрүн төлүүргэ сөбүлэһэн тураннар, дьиэ көрүдүөрдэригэр камера туруорарга өйөбүл көрдүүллэр. Бу курдук Ржевскай уулуссаҕа баар дьиэ олохтоохторо дьаһалтаҕа кэлэннэр домофон турарыгар этии киллэрэ сылдьыбыттара. Харчыта төлөнөр буоллаҕына, салайар тэрилтэ уйунар кыахтаах. Нам сэлиэнньэтигэр соҕотох “Эрэл” хампаанньа үлэлиир.
Уулуссаны сырдатар уот тоҕо аҕыйаҕый? Сырдатыллыбыт уулуссанан хаамарга туһунан уот ситимин тардааһына, остуолба туруорааһына атахтыыр.
Маннык үлэ бүгүҥҥү күҥҥэ Парковай, Березовай уулуссаларга барбыт эрээри, ааспыт күһүн уот тэрилтэтэ остуолба аайыттан 103 солк. көрдөөн турар. Уот тэрилтэтин кытта икки өттүттэн сөбүлэһии барар кэмигэр туруору тымныылар турбуттара. Ол да буоллар, Таллан Бүрэ аатынан уулуссаҕа үлэ тохтооботоҕо. Оттон Парковай уонна Березовай уулуссаларга уот тардааһына буоллун-хааллын буолбакка, олохтоохтук оҥоһуллуоҕа. Сотору кэминэн, үс уулусса үһүөн сырдыахтара.
Холобура, Ипподром түөлбэ өр сыл үлэлээн, туруорсан нэһилиэктэн уонна улуустан үп көрдөрөн, ыытыллар куонкурустарга кыайыылаах тахсан Эверстов аатынан уонна Ржевскай уулуссаларын сырдатан турар. Онон кинилэр билигин сырдык уулусса устун ыллыы-туойа мунньахтарга, кэнсиэрдэргэ кэлэр-барар буолбуттарын этинэллэр. Бу курдук бэйэлэрин өттүлэриттэн көхтөөх түөлбэлэр биһиги сэлиэнньэбитигэр аҕыйаҕа суохтар.
Нам улууһугар атын улуустан ыалдьыттыы кэлбиттэр Намы хайгыылларын бэйэм да истибитим, үгүс дьон да ону бигэргэтэр. Намы таптаан, кини бары өттүнэн көрдөрүүтэ улаатарыгар толкуйгутун ууруҥ, хамсаныынан көрдөрүҥ, кыһаллыҥ.
ХАРЫСХАН