Ленскэй нэһилиэк олохтоох дьаһалтата бу күннэргэ байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр чугас дьонноругар оҕуруот аһын түҥэтэллэр.
Ол курдук, Хамаҕатта олохтооҕо, “Саҥа сүүрээн” бааһынай хаһаайыстыба салайааччыта Александр Жирков быйыл байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар, кинилэр чугас дьонноругар хаппыыста биэрэн бэйэтин өйөбүлүн биллэрдэ. Бэлиэтээн эттэххэ, Александр Жирков сыллата хортуоппуйунан, оҕуруот аһынан көмөҕө наадыйбыттарга көмөлөһөрүн билэбит.
Быйыл сайын “Саҥа сүүрээн” хаһаайыстыба хаппыыста хомууругар үрдүк, өлгөм үүнүүнү ылбытын салайааччы Александр Жирков этэн турардаах.
“Бээтинсэттэн саҕалаан 95 киһиэхэ биирдии куул хаппыыста түҥэтэн бүтэрэн эрэбит.
Быйылгы сылтан байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэригэр Нам сэлиэнньэтин тэрилтэлэрэ сыһыарылыннылар. Мантан күһүн тэрилтэлэр дьиэ кэргэттэргэ муус ылыытыгар көмөлөһөллөрө күүтүллэр”, – диир олохтоох дьаһалта үлэһитэ Полина Иванова.
Харысхан Попов