Ленскэй нэһилиэкпит төрүттэммитэ 82 сылын бэлиэтиэҕэ

Умнуллубат түгэннэри бэлэхтиир Ленскэй нэһилиэкпит төрүттэммитэ 82 сылын сарсын, балаҕан ыйын 9 күнүгэр М.К. Аммосов болуоссатыгар бука бары көрсөн бэлиэтиэхпит.

“Ленскэй нэһилиэк күнэ” тэрээһиҥҥэ күһүҥҥү атыы-эргиэн дьаарбаҥката буолуоҕа. Ону тэҥэ, байыаннай дьайыыга сылдьар байыастарбытыгар “Санаа күүһэ” маскировачнай сетка өрүүтэ, отон, оҕуруот аһын хомуйуутугар “Үтүө санаа курууската” акциялар ыытыллыахтара. Күһүн буолан үөрэх дьыла саҕаланна, үөрэнээччилэргэ анаммыт “Помоги собраться в школу” үтүө акция барыбытын эрэнэ күүтэр. Биһиги дьонноохпут, биһиги куруутун бииргэбит!

Оҕолорго үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ уруһуй, хаартысканан быыстапка күрэхтэригэр кыттыахтара. Бэлиэтээн эттэххэ, буолаары турар күрэхтэр барыта тапталлаах Ленскэй нэһилиэкпитигэр быһаччы ситимнээхтэр. Нэһилиэнньэни саха аһынан күндүлээһин, Намнааҕы киин балыыһа доруобуйа туруга көрүүнү оҥороро күүтүллэр.

Тымныылар түһэн, кыһыммыт кэлэрэ чугаһаата. “Күһүҥҥү киһи күлбүтүнэн” этиигэ олоҕуран, Улуу убайбыт Максим Аммосов болуоссатыгар өссө биирдэ мустуохха. Сынньалаҥҥа биир дойдулаахтарбыт дьоҥҥо-сэргэҕэ “Ойуур” рок-группа кыттыылаах “Үүнэ-сайда тур Нам сирэ” бырааһынньыктааҕы кэнсиэр бэлэх уунуохтара.

Намнар уонна Нам буолбуттар бааргыт дуо? “Биһиги Наммыт куруук сайда туруоҕа, куруук инники буолуоҕа” диэн бигэ этиини өйбүтүгэр-санаабытыгар күүскэ хатыахпыт. Кэскиллээҕи, эрэллээҕи Нам олохтоохторо аҕаларга уонна баар гынарга дьулуһабыт!

Харысхан Попов

Читайте дальше