Максим уонна мин биир ийэттэн, аҕаттан Нам улууһун Хатырык нэһилиэгэр Балаҕаннаах Арыыта диэн сиргэ төрөөбүппүт-үөскээбиппит. Мин 1904 сыллаахха алтынньы 16 күнүгэр, кини 1897 сыллаахха ахсынньы 23 күнүгэр төрөөбүппүт. Аҕабыт – Аммосов Кир Васильевич, ийэбит – Анастасия Леонтьевна. Аҕабыт мин уон аҕыстаахпар, ийэбит өссө эрдэ өлбүттэрэ.
Кэлин Модут нэһилиэгэр мыраан үрдүгэр кыракый алааска олоро сылдьыбыппытын өйдүүбүн. Аҕам кэлин тайаҕынан нэһиилэ сылдьар буолбута, иэччэхтэрэ уйбаттара, 98 сааһыгар тиийбитэ. Аҕабыт өлөрүгэр бэйэм көрөн-харайан ыарыылаабытым. Бэйэм көмпүтүм, уҥуоҕун туппутум.
Мин төрөппүттэрим үксүн икки ынахтаах, биир сылгылаах буолаллара. Оччотооҕу тыа ыалын быһыытынан оттоон-мастаан, кустаан, балыктаан, бултаан-алтаан олорбуппут. Кыра хортуоппуй сыыһа олордунарбыт. Улахан Баһылай (биһиги аҕабыт бастакы кэргэниттэн уола) кэлин эмиэ ыарыһах буолбута, онон үлэ үксэ миэхэ сүктэриллибитэ.
Максимы ииппит Миитэрэй Аммосов уонна Улахан Баһылай сэргэстэһэ чугас-чугас олорбуттара, биир хонууга. Максимы Аччыгый Баһылайга доҕор оҥороору иитэ ылбыт этэ. Максим ол уоллааҕар сааһынан кыра да буоллар бииргэ, тэҥҥэ сылдьара.
Аҕабын көмөн баран Хатырыкка олорбуппут. Онтон Миитэрэй Дьокуускайга киирэн баран төннөн иһэн аара сискэ эмискэ ыалдьан өлөн хаалар. Онон мин Улахан Баһылайы кытта Балаҕаннаах Арыыга олорон хаалабын. Бу арыыга былыр үс сүүсчэ сүөһү баайдаах Охлопков-Тардыас баай олорбута. Улахан Баһылай киниэхэ хамнаска сылдьыбыта, онон киниттэн чугас дьиэ туттан, ыал буолан олорбута.
Сүүрбэлээхпэр кэргэннэммитим. Кэргэним иистэнньэҥ ааттааҕа этэ. Этэрбэһи, уу кэһэр курумуну, бэргэһэни эҥин барытын тигэрэ. Сэниэ ыал кыыһа этэ.
Онтон аны Аччыгый Баһылай өлөр. Миэхэ кини баайыттан аҕыс сүөһүнү, биир ампаар дьиэни ирээттээбиттэрэ. Ити кэмҥэ Максим биһиэхэ, өтөр буола-буола кэлэн хонон-өрөөн барара, оттон мин куоракка эмтэнэ киирдэҕим аайы үксүн Максимҥа түһэрим, хонон-өрөөн сынньанан тахсарым. Син улахан киэҥ дьиэҕэ үс ыал олороллорун өйдүүбүн. Биирдэрэ прокурор этэ, иккиһэ кимин-тугун умнубуппун. Ол дьиэ билиҥҥитэ министрдэр Советтарын дьиэтэ турар сиригэр (уруккута Манньыаттаах баай олбуорун иһигэр, кэлин ас маҕаһыына буолбут дьиэ тиэргэнигэр) баара. Убайым ол дьиэҕэ олорон Москваҕа Саха сиригэр автономия бэрдэрэр сырыытыгар тиэргэҥҥэ тахсан атаарбыппын өйдүүбүн. Арай, дьиэ айаҕар бүрүөһүннээх сыарҕалаах икки эмньик аттаах куучар тохтуу биэрбитэ. Максим биир сыарҕаҕа, манабыла атын сыарҕалаах акка олорон баран, түргэн үлүгэрдик көтүтэ турбуттара. Түүннэри-күннэри, олорбутунан утуйа-утуйа тимир суолга диэри барбыттара, онтон поеһынан айаннаан Москваҕа тиийэр.
Максим Киргизия компартиятын бастакы секретарынан үлэлиир кэмигэр мин биир аттаахпын атыылаан харчыланан Москванан эргийэн, кини тугунан дьарыктанарын, хайдах-туох олорорун көрө-билэ Фрунзеҕа тиийэ сылдьыбытым. Онно тиийэн киниэхэ түөрт уонча хоммутум, эмтэммитим. Кини миигин дойдубар кэлэрбэр Москваҕа диэри атаарбыта. Убайбын бүтэһик көрүүм онно этэ. Онтон кэлин кинини сиэхситтэр сиэбит сурахтарын эрэ истибитим.
Бэйэм биир төрөппүт кыыстаах этим. Онтум биэс уончатыгар ыалдьан өлбүтэ. Киниттэн түөрт уол, биэс кыыс хаалбыттара. Итиэннэ улахан эдьиийим уолун оҕото Прокопий тоҕус сааһа туолуор диэри оскуолаҕа үөрэтэр кыаҕа суоҕун иһин, иитэ ылбытым, үөрэттэрбитим. Кэлин Улан-Удэҕэ үөрэммитэ. Билигин Саха ССР культуратын министерствотыгар үлэлиир. Икки оҕолоох.
1929 сыллаахха Намҥа маҥнайгы товарищество тэриллэр буолбута. Миигин агитаторынан анаатылар. Товариществоҕа отучча ыалы ыллыбыт, миигин аны председателинэн анаатылар. Атын ыаллыы товариществоларга уоннуу-уон биэстии эҥин ыаллар киирдилэр. Олору холбооттоон элбэх ыаллаах товариществолары тэрийдилэр, бөдөҥсүттүлэр. Үөрэҕэ суох буоламмын, кыайыа суохпун диэн, балтараа сыл кэриҥэ председателлээн баран, аккаастанным. Аны хонуу биригэдьиирэ буоллум.
Отутус сыллар ортолоругар Намҥа тыа хаһаайыстыбатын артыалларын тэрийии саҕаламмыта. Мин эмиэ маҥнайгылар истэригэр артыалга киирдим. Онтон аны холкуос председателэ буоллум.
Сотору соҕус, 1938 сыллаахха миигин Максим быраата диэн хаайыыга уктулар. Бастаан Намҥа, онтон Дьокуускайга сытыардылар. Алталыы суукка устата аһаппакка, уу иһэрдибэккэ, муннукка хамсаппакка туруоран эрэ силиэстийэлииллэрэ, ыгаллара-түүрэйдииллэрэ, сор хааммын сордууллара, кырбыыллара.
Биир бириэмэҕэ Дьокуускайтан сытан Иван Михайлович Романовтыын хаайыы биир хоһугар түбэспитим. Хаайыылаахтары хара сарсыардаттан түүҥҥэ диэри кирпииччэ үктэтэллэрэ. Романов кирпииччэни миигиннээҕэр икки төгүл элбэҕи үктүүрүн өйдүүбүн. Кини кэлин СГУ проректора, профессор, наука доктора буолбута.
Хаайыыга сыттахпына дьону кигэн, сымыйанан үҥүстэрэн, миигин кулаак оҥороллор, малым сыыһын былдьыыллар. Кэргэним миэхэ кэргэн кэлэригэр кэтэн кэлбит истээх сонун, атахтаах сиэркилэбин, остуолбун эҥин барытын туордаан илдьэ барбыттар этэ.
Сыл кэриҥэ сытыаран баран, буруйа суох диэн босхолууллар. Былдьаабыт малларын тугу да төннөрбөтөхтөрө, кыра харчы биэрбиттэрэ.
Артыалга киирэрбэр баар малбын-салбын барытын кэриэтэ артыалга биэрбитим, ол иһигэр икки ынах сыаната сыаналаах бурдук быһар массыынабын, тимир кыраабылбын уо.д.а.
Сэрии иннинэ Сметнэйгэ, Алыһардаахха, Эһэ-Хайаҕа Алдан төрдүттэн таһаҕас, от, эт таһыытыгар үлэлээбитим. Айаны кыайан тулуйуо суох буолан, онтон уурайан кэлэн аны маҥнайгы холкуоска киирбитим. Ол сырыттахпына, куоракка тутууга командировкалаабыттара – дьиэни-уоту маһынан тутарбыт. Барыта илии, сүгэ үлэтэ этэ. Биир сыл кэриҥэ тутууга үлэлээн баран, аны түөрт уонча буолан үс муҥхалаах Булуҥҥа Остоолбо хайаттан чугас биир сайын балыктаспытым. Балык элбэх этэ да, туус, уһаат тиийбэтэ үлэбитин атахтаабыта.
Онтон кэлэн Саккырыыр оройуонугар уонтан тахса сыл 1958 сыллаахха убайбын реабилитациялыахтарыгар диэри олорбутум, кыһынын бултаан-алтаан, сайынын от-мас бэлэмнээн, сопхуоска үлэлээн олорбутум. Булдум үксэ тииҥ этэ. Булчуттар ортолоругар бастаан 1956 сыллаахха босхо путевканан Москваҕа ТХСБ баран, көрөн-күүлэйдээн кэлбитим. Хоту оройуонтан кэлэн Намҥа дьиэ туттан олохсуйбутум. Кыһынын Үрүҥ Күөлгэ андаатардыыр этим. Муҥутаан сылга биирдии бэйэбит сэттэ сүүстэн тахсалыыны туттарарбыт. Миигин кытта Барашков Петр Михайлович бииргэ бултаһара, биэнсийэҕэ тахсан баран. Кини урут райком 1 секретара этэ.
Кэнники уонтан тахса сыл ииппит уолбар Захаров Прокопий Афанасьевичка олоробун. Мин Максим Кирович бииргэ төрөөбүт быраата кырыйдым, сааһым 87 буолла. 9 бырааттыы-балыстыы этибит. Тыыннаахтара олортон мин эрэ. Норуоттар доҕордоһуулара уордьаннаах Саха государственнай университетыгар убайым охсуспут охсуһуутун, үэлдээбит үлэтин, олорбут олоҕун, ытык кэриэһин үйэтитээри ааты иҥэрбиттэринэн эһигини барыгытын – бастатан туран, үр уонна үрдүк таһаарыылаахтык үлэлиир преподавателлэри, дойдуга биллибит-көстүбүт Саха сирэ киэн туттар үөрэхтээхтэрин уонна үүнэн иһэр эдэр көлүөнэ студеннары ис сүрэхпиттэн истиҥник-итиитик эҕэрдэлиибин. Үрдүк үөрэхтээх, дириҥ билиилээх инженер, педагог, эчмит о.д.а. идэлээх үлэһиттэри үөрэтии-иитии дьыалатыгар, наукаҕа, культураҕа үрдүк ситиһиилээх буоларгытыгар баҕарабын, онно эрэнэбин.
«Якутский университет» хаһыат, 1991 с. тохсунньу 31 күнэ.
Д.К. Аммосовы кытта кэпсэтиини СГУ инженернэй графикаҕа кафедратын сэбиэдиссэйэ, Саха АССР үтүөлээх учуутала, СӨ Государственнай бириэмийэтин лауреата, профессор Н.С. Николаев суруйуутунан бэчээттэннэ