Саха сиригэр самаан сайын кэлбитин уруйдуур-айхаллыыр Ыһыахтар саҕаланнылар. Нам улууһун нэһилиэктэригэр ыһыах ыһылынна, алгыс этилиннэ.
Сайыны көрсөр саха төрүт үөрүүтүгэр-көтүүтүгэр Ыһыахха дьон-сэргэ алгыс иҥэринэ кэлэрин таһынан, саамай күүтэрэ күүстээхтэр, сымсалар, быһыйдар күөн көрсүүлэрэ. Тыҥааһыннаах киирсиилэри ааһан кыайыы өрөгөйүн билбит аата ааттанар, үрдүүр.
Ааттаах-суоллаах мадьынылар, хапсаҕайдьыттар, сүүрүүктэр күүстэрин холоһо сайыҥҥы бырааһынньыктарынан ыһыахтарынан айанныыллар.
Аан дойдуга аатын ааттаппыт, Россия кинини түһүлгэҕэ ыҥырар, Саха сиригэр кинини билбэт ахсааннаах, Нам киэн туттар спортсмена. Биһиги ааттаах-суоллаах мадьыныны кытта биир түөлбэҕэ олоробут – Анатолий Гладков!
Мадьыны Анатолий Гладков бэйэтин сиригэр-уотугар быйыл Нам улууһун ыһыаҕар мас тардыһыаҕа. Онтон улахан түһүлгэлэргэ Аммаҕа Олоҥхо ыһыаҕар, Туймаада ыһыаҕар айанныаҕа. Киэн туттар мадьыныбыт Туймаада ыһыаҕын олох көтүппэтин бэлиэтиир. Ол курдук, мадьыны Анатолий Гладков Туймаада ыһыаҕын 11 төгүллээх кыайыылааҕа буолар.
“Нэһилиэктэр ыһыахтарыгар ардыгар сылдьарым. Урукку сылларга Хатырыкка, Хатыҥ Арыыга, Хомустаах Бастакы нэһилиэгэр, Үөдэйгэ, Түбэҕэ мас тардыһарым.
Ыһыах биһиэхэ сайыны көрсөр бырааһынньыгынан эрэ ааттаммакка, алгыс иҥэринэ, оһуохайга илии-илииттэн сиэттиһэн күүс ыла кэлэр сиэр-туом бэлиэ күммүтүнэн биллэр. Ыһыахха түһүлгэ-түһүлгэнэн олоҥхо истээһинэ буолар, тойук дьиэрэйэр. Биир дойдулаахтарым, күүтүүлээх сайыммыт кэлбитинэн, күөххэ үктэммиппитинэн барыгытын эҕэрдэлиибин!” – диэн эҕэрдэлиир Анатолий Гладков.
Анатолий Гладков мас тардыһыы көрүҥэр Намнааҕы техникумҥа үөрэнэр сылларыгар кэлбит. Аан маҥнайгытын бөлөх иһинэн боруобалаан баран, мас тардыһыы кинини тута ыҥырбыт, угуйбут, бэйэтин эйгэтигэр ылбыт. Онтон ыла, эдэр Гладков 1996 сыл күһүнүттэн күн бүгүнүгэр диэри биир да күн тохтообокко мас тардыһыытынан дьарыктанар. Быйыл маһынан дьарыктаммыта лоп курдук 28-с сылыгар барар.
Юрий Эверстов Намнааҕы техникумҥа мас тардыһыыга сотору-сотору күрэхтэһии тэрийэр эбит. Анатолий Гладков маҥнай 4-с дуу, 5-с дуу буолбутун ахтар. Мадьыны маһы хам тутан эмискэ уонна соһуччу тардары үөрэтээт маҥнайгы үрдэлтэн түспэтэх.
Анатолий Гладков мас тардыһыыга бэйэтин элбэх ыйааһыҥҥа көрдөөбүтэ – 62 кг, 68 кг, 74 кг, 82 кг, 90 кг. Барытыгар холонуу кэнниттэн, олохтоохтук бэйэтин 74 кг булбут.
“Дьарыкпын тохтотор туһунан санаабатаҕым даҕаны, ити туһунан ыйытыы туруо да суохтаах! Мас-рестлинг күрэхтэһиилэрин барытын ыллын, онон тохтуур да кэм кэллэ диэн этээччилэр бааллара. Тохтуур санаа суох!” – диир Анатолий Гладков.
Анатолий дьарыгын мас тардыһыы дьоҥҥо-сэргэҕэ киэҥник тарҕанан эрэр кэмигэр саҕалаабыт эбит. Оччолорго Николай Константинов, Юрий Эверстов, Андрей Винокуров, Афанасий Саввинов, Николай Сысолятин курдук мадьынылар бастакы нүөмэрдэр буолалларын кини этэр.
Намҥа мас тардыһыы сүрүн оскуолатын Юрий Эверстовка ааспыт уол салгыы Федор Дегтяревка, Александр Захаровка чочуйар уонна 2004 сыллаахтан бэйэтэ дьарыктанар.
“Туох барыта дьиэ кэргэнтэн тахсар. Дьиэҕэ кыра да киҥир-хаҥыр саҥарсыы баар буоллаҕына, тастан куттал суоһуур. Бу спорка эрэ буолбатах. Холобура, үлэһит киһи дьиэтигэр табыллыбатаҕына, үлэтэ аанньа тахсыбат буолар, тастан алдьанан киирэн барар, тас эйгэтэ кэбириир. Онон дьиэ кэргэттэр, Россияҕа Дьиэ кэргэн сыла биллэриллибитинэн бэйэ-бэйэҕитин куруук харыстаһыҥ, өйөһүҥ диэхпин баҕарабын!
Дьиэҕэ өйөбүл баар буоллаҕына эрэ, эн бараҕын. Онтон атынын, дьарыгы бэйэҥ оҥороҕун буоллаҕа. Эппитим курдук, дьиэҕэ хайдах курдук эйгэ сабардаан, баһылаан турар да, эр киһи арыллар. Чугас киһиҥ “тохтоо” диэтэҕинэ, өйүҥ-санааҥ атыҥҥа аралдьыйа туруоҕа”.
“Дыгын оонньууларын” алта төгүллээх кыайыылааҕа, тыыннаах легенда Николай Дьяконов Анатолий Гладков туһунан маннык эппиттээх: “Анатолий Гладков чугас тастыҥ быраатым. Толя, туох диэххэ сөбө эбитэ буолла, кини былчыҥын оҥоһуута, тутула олох атын. Мадьыны Анатолий Гладков, чуолаан, маска ананан төрөөбүт киһи диэбит курдук. Эбэтэр кыра эрдэҕиттэн тустубута эбитэ буоллар, атах оонньуутунан дьарыктаммыта буоллар, Дыгыҥҥа киирсиэн сөп этэ. Мин билэрбинэн, кини курдук дьарыгы күүскэ тутуһар спортсмен Саха сиригэр бэрт аҕыйах. Баччааҥҥа диэри бэриниилээхтик дьарыктана, күрэхтэһэ сылдьар”.
Анатолий Гладков мас тардыһыыны өрө тутар
Спортсмен интэриэһэ барыта мас тардыһыы буолара бигэргэнэр: спорт саалаҕа 20.00 ч соҕотох киирэн 00.00 ч диэри дьарыктанар. Киниэхэ чуолаан бу маннык дьарык акылаат уурбутун, күүс-уох биэрбитин чопчулуур.
“2004 сыллаахтан бэйэм дьарыктанан салҕаабытым. Саалаҕа туох да, ким да мэһэйдээбэт кэмигэр быдан арыллан эрчиллэбин, бэйэбэр киирэн дьарыгым ордук тахсар. Аһаҕастык эттэххэ, бөлөҕүнэн дьарыктанары ылыммаппын. Куруук бэйэм-бэйэбэр сылдьабын, бэйэбэр итэҕэйэбин. Ол курдук, бэйэбин-бэйэм кумир оҥостобун.
Юрий Эверстов, Федор Дегтярев, Александр Захаров үөрэхтэриттэн бэйэм көрөммүн, таламмын дьарыктанар былаан оҥостубутум. Баччааҥҥа диэри элбэхтэ сыыһа-халты туттан, бэрэбиэркэлээн билигин сөптөөх былаан таҥылынна дии саныыбын. Тус бэйэҥ дьарыктанар буоллаххына, үөрэх уһун суолу айаннаатаххына кэлэр”, – диир мадьыны.
Анатолий Гладков уһун сылларга сааһылаан туруорбут нэдиэлэтээҕи дьарыга. Бэнидиэнньик – өрө анньыы (жим) дьарыктар, приседание, атаххынан өрө анньыы, штанганы көтөҕүү. Күн устата атах үлэтэ. Оптуорунньукка – эбиэккэ диэри бассейн. Эбиэттэн киэһэ тарбахха дьарык. Сэрэдэ – өрөбүл. Чэппиэр – киэһэ өттүгэр күүс (тяговай) упражнениелара. Бээтинсэ – сарсыарда 3-5 км кросс, пресс оҥоруу. Киэһэ өттүгэр хачайданыы, эти-сиини хачайдааһын. Субуота – бары мустан сүүрүүлээх-көтүүллээх оонньуу, нэдиэлэни түмүктээн маска киирсии, спарринг. Өрөбүл – сынньалаҥ.
Үрдүк ааты-суолу ситиспиттэр, мэһэйдэрдээх уустук суолу туорууллар
“Урукку сылларга 68 кг күүстээх күрэстэһии буолааччы. Бүгүҥҥү күҥҥэ күрэстэһии 74, 80 кг буолбут. Дьиҥэ, тус бэйэм 74 кг үчүгэй түмүк көрдөрүөхтээхпин билэ-билэ, 68 кг түһэрбитим. Ити сыыһа эбит. Ол курдук, 2008 сыллаахха күүстээх дьарыгы оҥоро сылдьаммын сиспин дэҥнээбитим уонна 68 кг киирэммин 4-5 ду миэстэ буолбутум. Мантан үөрэх ыламмын, Россияҕа 74 кг барабын диэн быһаарыммытым. Ити сыл Россияҕа аан маҥнайгыбын чемпионнаабытым”.
Салгыы, Анатолий Гладков 2010 сыллаахха бастакы өйүгэр сүппэттии хатаммыт күрэхтэһиитэ – Федор Дегтярев аатынан өрөспүүбүлүкэтээҕи абсолютнай чемпионата. Мадьыны элбэх ыйааһын үрэн 70 кг киирсэн кыайыылаах үрдүк аатын ылар.
“Бэйэм бойобуой ыйааһыным 74 кг этэ. Оччолорго Намнааҕы педагогическай колледж саалатыгар ыйааһын түһэрэргэ бырааппын Артему көмөҕө ыҥырбытым. Дэлби хапсаҕайдаһан, сүүрэн ыйааһыммын лоп курдук 70 кг оҥорбутум”.
Нам киэн туттар мадьыныта Анатолий Гладков тохтоло суох муҥутуур кыайыыларын өрөгөйө 2013-2017 сылларга салҕаммыта. Ол курдук, 2013 сыллаахха “Манчаары оонньууларыгар” 74 киилэҕэ быраата Артем Варданянныын финаллыыр. Онтон эһиил 2014 сыллаахха кинини өрөспүүбүлүкэ чемпионата тургуппута. Бэлиэтээн эттэххэ, Анатолий өрөспүүбүлүкэ чемпионатыгар хаһыстаан да төхтүрүйэн киирсибититтэн ол сылга муҥутуур кыайыылааҕынан ааттаммыт.
Саха сирин бастыҥ мадьыныта өрөспүүбүлүкэ чемпионатыгар кыайыылааҕынан 2014 сыллаахха биирдэ ааттаммытыттан үгүстэр дьиктиргиэхтэрин сөп. Нам мадьыныта Гладков ол түһүлгэҕэ 8-та помостка тахсан барыларын 2:0 ахсаанынан хоппут. Эрдэ мас күрэхтэһиилэрин субуруччу соһор бэйэтэ сылы түмүктүүр чемпионакка кэлэн иҥнэриттэн бэйэтэ соһуйара.
Чемпионат күнэ үүнүөр диэри мадьыны ыйааһынын таптаабытынан түһэрэн, таһааран, оччолорго төһө да бэйэтэ сылайбытын билиммэтэҕин иһин, киһи этэ-хаана илистэр, сылайыы-элэйии киһи кыаҕын ылар.
“Турнирдары барытын (Василий Шараборин, Мас Мэхээлэ, Биэстээх Бочоох турнирдара) ылаттыыбын эрээри, өрөспүүбүлүкэ чемпионатыгар тиийэммин куруук 4-5 миэстэ буолан хааларым… Дьиҥэ, турнирдарга эмиэ бу курдук састаабынан көрсөр этибит буоллаҕа… Итинник 2014 сыллаахха диэри табыллыбатаҕым. Төһө да киһи кыаҕын билиммитин, “үчүгэйбин” диэбитин үрдүнэн, турнирдарынан күрэхтэһэн эстэҕин эбит.
2014 сыллаахха бастыырбар ыйааһыммар 40-тан тахса мадьыны баара. Оччолорго мас тардыһыы быраабылата манныга – хотторон да бараҥҥын бастыаххын сөп этэ. Ох курдук оҥостон бэйэбин кымньыылаабытым, сыал туруоруммутум “хайаан даҕаны бастыыбын” диэн”.
Анатолий Гладков 2014 сыллаахха бары күрэхтэһиигэ кыайыылааҕынан ааттанан “Өрөспүүбүлүкэ бастыҥ мадьыныта” буолбута уонна рейтинг көрдөрбүтүнэн 100 тыһ. солк. уу харчынан наҕараадаламмыт.
Даҕатан эттэххэ, бэйэлэрин күүстэринэн спорт чыпчаалын дабайбыттарга, күүстээх санаалаах дьоҥҥо Евгений Иванову, Николай Дьяконовы, Павел Иванову киллэрэбин. Киһиргэммэт майгылаах күүстээх дьон сыал-сорук туруорунан бэйэлэрин-бэйэлэрэ дьарыктаан таһаараллар эбит.
Россияттан Аан дойду Кубогар, Аан дойду чемпионатыгар кыайыылаах айан
Саха сиригэр 76 киилэлээхтэргэ бастакы нүөмэринэн ааттанар мадьыны Россия чемпионатыгар 80 киилэлээхтэргэ путевка ылбыт. Путевка 84 киилэлээхтэргэ бэриллибэккэ 76-га тиксибититтэн астынан, Намҥа сайын устата соҕотох дьарык ыыппыт. Ол да буоллар, уларыйыы син биир тахсыбыт: 80 кг ыйааһыҥҥа 84-тэр эбиллибиттэр. Анатолий Гладков көрсүһүүлэри этэҥҥэ ааһан Россия чемпионатыгар Тверьга тиийбитэ. 2015 сыллаахха Нам мадьыныта Россияҕа маҥнайгы нүөмэринэн ааттанар дьолу билэр уонна Аан дойду Кубогар күрэхтэһэр чиэстэнэр.
“Россия чемпионатыгар барардыы эрэллээх сырыттахпына, салалта “80 киилэҕэ Россияҕа бииргит айанныа” диэн биллэрбитэ. Ол сыл өрөспүүбүлүкэҕэ 84 киилэҕэ Алексей Кутуков ылбыта. Эбии, Мэҥэ Хаҥаластан Мичил Прокопьев кэлбитэ.
Аан дойду Кубогар Россияттан үс нүөмэр барар диэбиттэрэ. Аан дойду түһүлгэтэ үс түһүмэҕинэн араарыллыбыта: маҥнайгыта Киргизияҕа, иккис – Ереваҥҥа уонна түмүктүүр түһүмэх Москваҕа диэн буолбута. Киһи мантан түөрт мэтээл ылыан сөбө. Ити курдук, 2015 сыллаахха Аан дойду Кубогыттан түөрт мэтээл уонна улахан кубок ылан турардаахпын. Эһиилгитигэр 80 киилэҕэ Аан дойду чемпионатыгар сыалламмытым”.
Өрөспүүбүлүкэ чемпионата 2016 сыллаахха Намҥа буолбутугар Анатолий Гладковы сэрэбиэй хара маҥнайгыттан Дьулустан Ноговицыҥҥа түбэһиннэрбит. Дьэ, сыра-сылба эстэр көрсүһүүтэ буолбут. Түһүлгэ бастыҥнара дэлби ньыһыйсан-ньыһыйсан күүстэрин барытын помостка хаалларбыттарын Гладков саныыр. Ол курдук, Анатолий Гладков төһө да Ноговицыны 2:1 ахсаанынан кыайдар, иккиэн кэлэр көрсүһүүлэрин ааспакка күрэхтэһииттэн туораабыттар. Ол эрээри, Нам мадьыныта бэйэтин суотугар аан дойду чемпионатыгар син биир барарга санаммыт.
“Аан дойду чемпионатыгар барарга, Россияҕа Саха сирин чемпионнара бары бааллара. Оо, ынырык киирсииттэн тахсыбытым онно…
Аан дойду чемионатыгар бастакы үрдэлгэ тахсан элбэҕи эргитэ санаабытым… Кыайыы чыпчаалыгар туран эрэҥҥин саныыгын, төһөлөөх көлөһүнү тоҕон, төһөлөөх ньиэрбэни бараан үлэҥ сыаналаммытынан астынаҕын… Күүстээх дьаныардаах үлэ ааспытын барытын ахтыбытым… Биһиги мадьынылар муҥутуур чыпчаалбыт бу буоллаҕа – Аан дойду чемпионата! Психологияҥ мөлтөх буоллаҕына, кыайыыны ситиспэккин. Күүс, ис турук тэҥҥэ сайдан тахсыахтаах”.
2015-17 сылларга биир дойдулаахпыт Анатолий Гладков күнүгэр сылдьыбыта бигэргэнэр. Ити курдук, Россияҕа 80 киилэҕэ субуруччу бастыыр уонна Аан дойду Кубогар, Аан дойду чемпионатыгар бастакы нүөмэринэн ааттанар.
Утарылаһааччылар, утары албастар
“Миэхэ саамай табыгаһа суох мадьынылар – Егор Кудрин, Мичил Прокопьев, Максим Марков. Этэргэ диэри, табаарыстарбын кытта маска олордохпуна, олох табыгаһа суохтар. Бу уолаттар тарбахтара туталлара бэрдиттэн сөҕөбүн. Оннук туппуттарын ыһыктыбат, төһө баҕарар тутан баран олорор мадьынылар. Холобура, бүгүн Максим Марков 85 кг ветераннарга бастакы нүөмэр.
Эрийэн, маһы тутан киирсэр мадьынылары “стойкалаан” эрэ ылаҕын. Аллараанан киирсэн игин туһа суох. Аны охсуоххун бэйэлэрэ охсоллор, утары туттар ньымалара элбэх.
Мас тардыһыыга кутталлаах, саамай уодаһыннаах албас – “охсуу”. Охсууга түбэстэххинэ ойоҕоскун, төбөҕүн эчэтиэххэ сөп. 2015 сыллаахха биир дойдулааҕым “охсуутугар” түбэһэн турардаахпын. Туран эрдэхпинэ охсубутугар, хата сөптөөх соҕустук түспүтүм. Онно бэйэбинэн билэн өйдөөбүтүм, суостаах, дьулаан албас эбит диэн. Маһы туппутунан турар буоламмын элбэхтэ “оҕустара” сылдьыбытым”.
Аһаҕас ытыстаах мадьыны “Көмүс стойка”
Анатолий Гладковы маһы бэйэтигэр тарбах саҕа ылла да, кыайыыны сурунар диэн ааттыыллар уонна билинэллэр эбит. Дэлэҕэ “Көмүс стойка” диэн ааттаныа дуо!?
“Маҥнайгы маһы элбэхтэ ыллара сылдьыбытым. Ол эрээри, айманыы, уолуйуу диэн отой суох буолара. Төттөрүтүн күүскэ хомуллабын. Биир маннык түгэн буолбуттаах. 70 кг диэри муҥутуур кыайыылааҕынан ааттанарбар, илиим чэрэ бүтүннүүтэ баран турардаах. Ол маннык этэ.
Бэйэм курдук маһы тутан туруору турууну сөбүлүүр Кэбээйиттэн Павлов диэн ким да тохтоппотох мадьынытын кытта көрсүбүтүм. Бастакы олорууга маспын куоттаран кэбистим уонна үөһэнэн көттүм… Куоттарыы туһунан эттэххэ, ол эн бэйэҥ буруйуҥ уонна сыыһаҥ! Хайа баҕарар балаһыанньаҕа бэлэм олоруохтааххын.
Аны иккискэ киирэн маһы олуйбутугар, туох баар чэрим барыта барбыта. Онно Иван Белолюбскай чэрбин биэс солкуобай көтөн иһэр диэн көрбүттээх. Мөккүөрдээх диэн иккиһи кимиэхэ да биэрбэтилэр. Кыһыйдым, хааным оонньоото. Тахсаммын чэрдэрбин барытын сарылыы быһа тардыбытым, күүспүн-уохпун таспар таһаарбытым уонна кыайабын диэн киирбитим. Киһим кэнники билиммитэ “салынным, маһы ыһыктыбат истиэнэни тардар курдук этим”. Мас тардыһарым устата саамай уустук киирсиим бу этэ диэн ааттыахпын сөп.
Чэр барыытын туһунан кэпсээтэххэ, кини маһы эрийиигэ эрэ буолбакка, өр тутуһууга эмиэ барар. Аны чэр барыы саалаттан эмиэ тутулуктаах”.
Мас тардыһыы эбэтэр мас-рестлинг
Урут мас тардыһыыга бокулуоннаан эҕэрдэлэһии суоҕа. Холобура, мас тардыһыыга утарылаһааччыларыҥ илиигинэн күүскэ охсон эҕэрдэлэһэри сөбүлээбэттэрэ. Тоҕо диэтэр, илииҥ күүрэн хаалара. Оччотугар кыыһырыы, ыһыллыы тахсыан сөбө. Мас-рестлинг утарылаһааччыгын таарыйбакка эрэ күрэхтэһэр көрүҥ. Онон, эҕэрдэлэһиини баар гыммыттара сөптөөх дии саныыбын. Ону тэҥэ, мас тардыһыыга атаххын хайдах баҕарар уурар этиҥ. Билигин мас-рестлиҥҥэ ону төттөрү төнүннэрбиттэр.
Урукку сыллар кэпсииллэринэн, хас биирдии мас тардыһааччы помостка уоттаах-күөстээх тахсыыны тахсара, дьону уһугуннарара быдан элбэх дииллэрэ. Билигин даҕаны ыалдьааччылары уһугуннарар уолаттар бааллар. Көрөргө үчүгэй, интэриэһинэй.
Мас-рестлинг сайдыыта – Аан дойду таһымыгар таҕыста. Аны ветераннары Аан дойду чемпионатыгар киллэрдилэр. 40 сааһыттан тахсыбыт киһи 20-лээх мадьыныларга ыарахаттары көрсөр буоллаҕа.
Спортсмен аатын түһүө суохтаах!
“Таһымнаах спортсмен киһи сиэринэн сылдьыахтаах. Ханнык баҕарар киһиэхэ сыһыана сиэрдээх буолуохтаах. Киэбирии диэни олох билиммэппин! Спорка сылдьар киһи сааһыланар. Элбэхтэ айанныыр спортсмен элбэххэ үөрэнэр, элбэх култуураны көрөр.
Өрөспүүбүлүкэҕэ билигин бэйэм ыйааһыммар 75 кг эдэрдэргэ Василий Захаров аата таҕыста диэн ааттыыбын. Улаханнык саҥарбаппын, эр дьоҥҥо 75 киилэҕэ билигин кини бастыҥ. Оттон бэйэм, кыах баар буоллаҕына, эдэрдэри кытта киирсэр санаалаахпын. Холобура, аһаҕас оҥордохторуна бэрэбиэркэлэнэ, бэйэбин тургута айанныам этэ. Ол эрээри, саамай күүтэр күрэхтэһиим – “Манчаары оонньуулара”. Бэйэбит түмүктүүр күрэхтэһиибит, олимпиадабыт! Эһиил “Манчаары оонньууларыгар” бэлэмнэнэбин”.
ХАРЫСХАН