Төлөпүөн уонна смс нөҥүө харчыны уоруу
Полиция сотруднига диэн бэйэлэрин билиһиннэрэн, эһиги аймах киһигит ыар буруйу онорбут уонна харчы төлөөтөххүтүнэ көмөлөһөр диир буоллахтарына ИТЭҔЭЙИМЭҤ!
Эһиги ханна да кыттыбатаххытын үрдүнэн эһиэхэ бириис тиксэр эбэтэр лотереяҕа улахан сүүйүү ыллыгыт диир буоллахтарына ИТЭҔЭЙИМЭҤ!
Өскөтүн кредит биэрэбит (кредиккит куһаҕан историялаҕын көрбөккө эрэ) кыра комиссия, төлөбүр наада диир боллахтарына ИТЭҔЭЙИМЭҤ!
Смс (ватсап) сыылкаларын нөҥүө кэлэр биллэриини, видеону, хаартысканы мээнэ холбоомоҥ. Араспаанньаҕытын, ааккытын уонна аҕаҕыт аатынан суруйбут да буоллахтарына КИИРИМЭҤ!
Бааҥҥа кэлэн, үлэhити кытта кэпсэтэ иликкитинэ, картаҕыт блокировкаламмыт, хатаммыт диэн смс (вастсап) сурук кэллэҕинэ ЭППИЭТТЭЭМЭҤ!
Атыыласпыт эмптэргитигэр утары көмө харчы киирбитинэн, (пенсионнай фонд, баан уо.д.а.) бааҥҥыт картатын нүөмэрин уонна ол көмөнү ыларгытыгар эрдэ кыра харчы көрдүүр, буоллахтарына ИТЭҔЭЙИМЭҤ!
Билбэт, анал регистрация ааспатах сайтартан приложение ХОЛБООМОҤ, вирус киириэн сөп, туох баар смс (ватсап) суруктаргытыгар киирэн, баан картаҕытыттан харчы устуохтарын сөп.
Биллибэт төлөбүр системанан билбэт дьоҥҥутугар харчы ЫЫТЫМАҤ!
Эрдэ төлөбүрү интернет портал нөҥүө ыытарга СӨБҮЛЭҺИМЭҤ!
Билбэт компьютергыт эбэтэр телефон программаларынан ТУҺАНЫМАҤ!
Доҕотторгут социальнай ситим нөҥүө (Контакт, Инстаграм, Вичат уо.д.а.) харчы көрдөөбүт буоллахтарына, ТОХТУУ ТҮҺҮҤ, ол доҕотторгутуттан ыйытыҥ Дьиҥнээхтии кинилэр суруйбуттарын туоһулаһыҥ, бигэргэтиҥ.
Баан картатыгар суруллубут сыыппаралары, суруктары, ПИН код, CVV/CVC нүөмэри билбэт эбэтэр саҥа билсэр дьоҥҥо ЭТИМЭҤ!
Баан картаҕытынан операция атын үһүс киһиэхэ ОҤОРУМАҤ. «Мобильнай банк», «Сбербанк онлайн» приложениеларын нөҥүө харчыгытын устуохтарын сөп.
Нам улууhун олохтоохторо! Сэрэхтээх буолуҥ! Билбэт дьоҥҥутуттан сэрэниҥ. Өйдөөҥ, ыраахтан олорон албынныыр түөкүттэр ханнык баҕарар тэрилтэ үлэhитэ буолбута буолан кубулунуохтарын сөп.
Нам улууhун Ис дьыалаҕа отдела