МАУ АРТ тэрилтэ олохтоохтору кытта биир ситимнээхтик үлэлиир

Намҥа хаар соһуччу ууллан кэккэ уулуссалар, дьиэлэр тэлгэһэлэрэ уунан туолан саҕалаатылар. Бэлиэтээн эттэххэ, Нам сэлиэнньэтигэр уу барар хоруулар эрдэттэн ыраастааммыттара.

“Бүгүҥҥү күҥҥэ турбалары ириэрэ-ириэрэбит чалбахтары ыытабыт. Икки пуомпанан биирдиилээн дьиэлэргэ уонна уулуссаларга хачайдааһын үлэлэрэ бара тураллар”, – диир МАУ АРТ дириэктэрэ Виктор Яковлев.

Нам сэлиэнньэтигэр олохтоох дьаһалта хамсанарын эрэ күүтэн олорбокко, кыһалҕаны бэйэлэрэ быһаарар уопсай дьиэлэр, уулуссалар, түөлбэлэр бааллар. Холобура, Куонда Кириэс уулуссатын олохтоохторо сааскы хаар уутун бэйэлэрэ дизелынан хачайдыылларын Ленскэй нэһилиэк олохтооҕо Мира Ефремева чопчулуур.

“Ватсап” ситиминэн дьиэ кэргэттэр кэпсэтии ыыталлар, биир быһаарыныыга кэлэллэр. Уу олох таһынан бараары гынар түгэнигэр Куонда Кириэс уулусса олохтоохторо боппуруостарын бэйэлэрэ быһаарыналлар. Былырыын суолбутун олохтоох дьаһалта үлэһиттэрэ көннөрөн, оҥорон биэрбиттэрэ, айан сырыытын кэм чэпчэттэҕэ”, – диир Мира Ефремова.

Харысхан Попов