Сэтинньи 10 күнүгэр 2 Хомустаах нэһилиэгэр П.А. Ойуунускай 130 сылыгар аналлаах «Мин тылым — мин тохтор тойугум» литературнай биэчэр буолан ааста. Тэрээһини Слепцова Е.В. иилээн-саҕалаан ыытта. Кыра кылаас оҕолоруттан саҕалаан үрдүкү кылаастарга тиийэ, улахан дьон бука бары көхтөөхтүк кытыннылар.
Биэчэрбит бастакы чааһа П.А. Ойуунускай олоҕун сырдатыыттан саҕаланна. Бу биэчэргэ көрөөччү кэрэхсэбилин ыллылар — ансаамбыл толоруутугар «Былааһы — Сэбиэккэ!» күргүөмнээх ырыа, квартет толоруутугар — «Таатта үрэх үрдүгэр», Мария Иванова толоруутугар М. Лермонтов тылбааһыттан «Алгыс» ырыалар, 6 кылаас уолаттарын толоруутугар «Көҥүл ырыата» хоһоон, 10 кылаас уолаттарын толоруутугар — «Өрүөл кэриэһэ», «Кэлэр кэскил ырыата» — Арина Слепцова, Карина Потапова чабырҕаҕа, Вика Захарова толоруутугар — «Мимоза», Лёня Ефимов толоруутугар «Син биир буолбаат?!!» хоһооннор. «Оҕо куйуурдуу турара» монологу Дамир Максимов аахта. «Өйдөөх оҕо» уонна «Үчүгэй үлэһит» айымньыларыттан быһа тардыыны 6-10 кылаас оҕолоро көрдөрдүлэр.
Тэрээһиммит иккис чааһыгар көлүөнэлэринэн өй күрэҕэ буолла. 5 киһиттэн састааптаах 4 хамаанда кытынна. Манна 10-11 кылаас үөрэнээччилэрэ, ыччат, 30-50 саастаах орто көлүөнэ, 51-тэн үөһэ саастаах дьон кытыннылар. Күрэххэ орто көлүөнэ хамаандата кыайыылааҕынан тахсан грамотанан наҕараадаланна. Барыларыгар туоһу сурук туттарылынна.
Сахабыт норуотун саргытын салайсыбыт Улуу убайбытын умнубаппыт! Кини сырдык аатын кэриэстиибит, көлүөнэттэн көлүөнэҕэ кэрэ кэпсээн гыныахпыт.
Елена Слепцова, нэһилиэк библиотекара