Модун Россияҕа — уруй!

Бүтүн Арассыыйатааҕы этно-фестиваль бүгүн Нам сиригэр түмүктэннэ.

М.К. Аммосов аатынан култуура уонна духуобунай сайдыы дыбарыаһыгар Арассыыйа араас муннуктарыттан ааттаах-суоллаах норуот ансаамбыллара кыттыылаах «Вместе мы — Россия!» улахан кэнсиэр тэрээһиннээхтик ааста.

Киэҥ Арассыыйа норуоттарын бииргэ сомоҕолуур бырааһынньык-фестивальга Хакасияттан, Тываттан кэлбит артыыстар национальнай куолай ырыаларын толоруулара, Забайкальеттан «Берегиня» народнай ансаамбыл старообрядческай ырыата, Новосибирскай уобаластан «Сибирские узоры» үҥкүү, чечен-ингуш норуот тэтимнээх үҥкүүлэрэ көрөөччү дохсун ытыс тыаһынан доҕуһуолланна. Кемеровскай, Иркутскай уобаластартан, Красноярскай кыраайтан фольклор нүөмэрдэрэ кэрэхсэттилэр. Быыһыгар Нам народнай ансаамбыллара «Ньургуһун», «Дьүрүл», «Мичээр», «Коробейники», «Добун» ырыалара, үҥкүүлэрэ киирэн норуоттар түмсүүлэрин дириҥэтэн, чиҥэтэн биэрдэ. Кэнсиэр саха төрүт дорҕоон музыкатынан саҕаланан, модун Арассыыйаҕа уруйунан түмүктэннэ.

Көрөөччүлэр бары биир долгуҥҥа уйдаран, өй-санаа түмүллэн, фестиваль тыыныгар киирдилэр, уус-уран оҥоһук быыстапкатын көрөн, дуоһуйан тарҕастылар.

Мария Винокурова

Читайте дальше