Нам сэлиэнньэтин күнүгэр «Набережнай» түөлбэ активистара түөлбэ маҥнайгы салайааччыта Винокурова Матрена Михайловна аатынан Грант туттулар.
СӨ доруобуйа харыстабылын туйгуна Винокурова Матрена Михайловна Нам улууһун уонна Ленскэй нэһилиэк Ытык киһитэ, «Набережнай» түөлбэҕэ аан маҥнайгынан салайааччынан ананан үгүс сылларга таһаарыылаахтык үлэлээбитэ. Үгүс дьону көҕүлээн тэрээһиннэргэ үөрэ-көтө кыттан, сэлиэнньэтин, түөлбэтин сайдыытыгар элбэх сыратын уурбута.
Таһаарыылаах үлэтин сыаналаан «За вклад в развитие Намского улуса», «За вклад в развитие Ленского наслега» диэн бэлиэлэри туппута.
Түөлбэлэр тэриллибиттэрэ 15 сыллааҕы үбүлүөйдээх бэлиэтээһиннэригэр, Матрена Михайловна кыыһа Аммосова Людмила Ивановна, сиэнэ Аммосова Кира Кировна «Набережнай» түөлбэ салайааччытыгар Емельянова Надежда Максимовнаҕа, активистарга Уваровская Татьяна Гаврильевнаҕа уонна Степанова Августа Федотовнаҕа сыралаах үлэлэрин сыаналаан Грант анаан туттардылар.