#ЯкутияВперед
Нам улууһун мырааныгар “Куттала суох уонна хаачыстыбалаах айан суоллара” национальнай бырайыагынан 10 км уһуннаах асфальт суол ууруллар.
Үлэни сылаас күннэр саҕаланыахтарыттан “Сэттэ” ХЭТ тэрилтэ ылсыбыта. Бэлиэтээн эттэххэ, айан суолугар олохтоох үлэлэр 2019 сылтан саҕаламмыттара.
“10,08 км уһуннаах суолга толору асфальт ууруу үлэтин тымныылар түһүөхтэригэр диэри бүтэрэр сыаллаах-соруктаах үлэлиибит”,– диир учаастак начальнига Петр Антипов.
1990 сыллартан маҥнайгынан көнө асфальт суолламмыт намнар суолбут эргэрбит. Бу күҥҥэ диэри бары даҕаны мырааммытыгар астыга суох айаны көрсөн кэллибит. Дэлэҕэ этиэхтэрэ дуо, “намнар оллур-боллур суолунан көнөтүк айанныыры бэйэлэрэ эрэ билэллэр” диэн.
Эҥсиэли хочотун мырааныгар тупсарыллыбыт суол ууруллуута өссө 2023 сыл кыһыныгар быһаарыллыбыта. Ити курдук, үлэ былаанынан 2025-26 сылларга саҥалыы уларытыллан оҥоһуллуохтаах суол көһөрүллэн, өрөмүөн үлэтэ бу сылга саҕаланарыгар Правительствоҕа тохсунньу ыйга сорудах бэриллибитэ.
Мырааҥҥа муус устар 17 күнүттэн саҕаламмыт айан суолун өрөмүөнүн үлэтэ ханна тиийбитий? Урукку ууруллубут асфальт суолун кыһыы (фрезерование) 90 кэриҥэ бырыһыан туолла, билигин 1 км уһуннаах суол кыһыллара хаалбытын начальник Петр Антипов бигэргэтэр. Суол тэҥнэниитин үлэтэ – 8 км буолбут. Бетоннай асфальт аллараа өттүн ууруута – 6 км 700 м тэҥнэһэр. Оттон маҥнайгы ууруллубут асфальт үрдүнэн 5 км (50 бырыһыан) бүрүллэн турар. Суол кытыытын көннөрүү – 3 км. Ону таһынан, сүрүн суол нөҥүө уу барар үс турба ууруллан бүппүт.
“Нам трассатыгар 10 км уһуннаах өрөмүөн учаастагар 25 үлэһит баар. Хантараак быһыытынан, бэлэм асфальт суолу 2024 сыл балаҕан ыйыгар диэри бүтэриэхтээхпитин бу сыл алтынньытыгар туттарар былааннаахпыт. Өрөмүөн учаастагын толору бүтэрэргэ күүһү барытын уурабыт, кыһаллабыт”, – диир суол эйгэтигэр 16 сылын үлэлиир Петр Валерьевич.
-
Бүгүҥҥү күҥҥэ үлэ ыытыллар сиригэр 8 улахан кыамталаах самосвал массыына, 20 техника үлэлиир: суолу көнө гынар, тэҥниир автогрейдер; бүрүөһүҥҥэ асфальтобетон, үлтүркэй таас, грунтовай, кумах, туой буор ууруллубутун тэҥниир, чиҥэтэр каток техникалар; асфальт ууруутугар аналлаах самосвал массыынаны кытта тэҥинэн үлэлиир асфальтоукладчик техника; кумаҕы, буору кутар экскаватор; суолу илдьиритэр фреза техника; суолу саҥалыы уларытан оҥорорго аналлаах ресайклер массыына, уу таһар массыыналар.
“Суол айанын өрөмүөнүгэр аҕабынаан иккиэн баарбыт. Үлэбит сарсыарда олох эрдэттэн саҕаланар. Мин массыыналары хонтуруоллуур, тохтотор эппиэтинэстээх поска турабын. Мыраан үрдүгэр өрөмүөн ыытыллар суолга билиҥҥитэ массыыналары икки сиринэн тохтотобут”, – диир эдэр киһи Георгий Саввинов.
Нам улууһугар дьоҕус суол оҥоруутун аахсыбатахха, “Куттала суох уонна хаачыстыбалаах айан суоллара” национальнай бырайыак чэрчитинэн, Нам-Хатырык хайысхалаах киэҥ хабааннаах асфальт суолу оҥоруу 2019 сылтан саҕаламмыта. Чопчулаатахха, Хатырыкка диэри асфальт суол туһунан бастакы кэпсэтиилэр, былааннар 1997 сылтан, М.К. Аммосов төрөөбүтэ 100 сыллаах үбүлүөйүттэн саҕаламмыттарын Хатырык нэһилиэгин олохтооҕо Станислав Дьяконов этэн аһарбыттаах.
Ол курдук, 2021 сыл алтынньы 23 күнүгэр 18 км тахса уһуннаах куттала суох уонна хаачыстыбалаах айан суола тутуллан, хатырыктар 24 сыл устата туруорсубут боппуруостара бэрт кылгас кэм иһигэр быһаарыллан сүргэлэрэ көтөҕүллүбүтүн “Эҥсиэли” хаһыат сырдатан турар. Ити курдук, бөһүөлэк иһигэр суол сырдатыллыбыта, тротуар оҥоһуллубута, тохтобуллар турбуттара.
Матасыыкылга алын кылаастан олорбут, массыынаны орто кылаастан ыыппыт Сахаян Андросов суол туһунан санаатын үллэстэр:
Олох эрдэ намнар асфальт суола суох эрдэхпитинэ, автобуһунан саамай түргэтээбитэ 2 ч 30 мүн. айанныыр буоларбыт. Онтон олохпут сайдан суол оҥоруута саҕаламмыта. Бииктэр Попов (Барамыгин) уу таһар массыынанан уруулу эрийэн саҕалаабыт уол улаатан УАЗ, массыыналарынан аан маҥнай ууруллубут асфальт суолунан айанныырбытын бу баардыы өйдүүбүн. Онтон саҕалаан массыына сырыыта сыыдамсыйбыта, техника “ходовойа” да алдьанара аҕыйаабыт курдук буолбута.
Кэлиҥҥи сылларга билиҥҥи салалта суолбутун өссө ордук тупсарда. Аҕыйах сыллааҕыта мырааҥҥа асфальт ууран саҕалыылларыгар үөрүү-көтүү үксээбитэ. Холобура, “хаарыан үчүгэй суолбутун бүтэрбэтилэр” диэн этиилэр тахсан истэхтэринэ, 2025-26 сылларга оҥоһуллуохтаах асфальт суолбут, аны быйыл Ил Дархан сорудаҕынан өрөмүөннэнэн силигин ситэн эрэриттэн биһиги, суоппардар, үөрүүбүт баһаам.
Мырааммыт суола 3-4 сыл анараа өттүгэр күүскэ алдьанан саҕаламмыта. Ити курдук, мыраан суолугар таҕыстыбыт да “оо, эрэйдээх суолбут саҕаланна” диэн бытаарарбыт. Саамай охсуулаах, эридьиэстээх сирдэр кыраныысса анараа өттүттэн саҕаланаллара уонна Бүтэйдээх сайылыктан бэтэрээ Нам диэки өттө ордук мөлтөҕө.
Билигин кэлэн көрдөххө, өйгө-санааҕа, чуолаан, хас сылын ахсын алдьанар-кээһэнэр өрөмүөн ыытылла турар учаастагар көнө суолунан айанныахпыт диэн итэҕэйэр-итэҕэйбэт мөккүөр турара. Ол эрээри, көнө суолунан массыына, ыытыы, эрэнии, күүтүү эрэлэ хаһан да сүппэтэҕэ.
Харысхан Попов