Нам сэлиэнньэтигэр үлэ бары хайысхаҕа тэҥинэн ыытыллар. Ол курдук, сандал саас кэлэн таһырдьа улахан дьоннуун, оҕолуун бука бары үлэни өссө бүк күргүөмнээхтик өрө туттубут.
Нам сэлиэнньэтигэр сылаас күннэр саҕаланыахтарын иннинэ, каток толору оҥоһуллан субуота күн арыллардыы бэлэмнэнэр. Катогу дьоҥҥо-сэргэҕэ, оҕо-аймахха Владислав Корякин 2007 сыллаахтан арыйан үлэлэтэр.
Күн өссө үөһэ таҕыстаҕына, өрөспүүбүлүкэ улуустарыгар биир маҥнайгынан арыллыбыт катокка үөрэнээччилэр, устудьуоннар, хоккей оонньооччулар мустуохтара. Бэлиэтээн эттэххэ, тыа сирин хоккейын өрөспүүбүлүкэҕэ биһиги намнар сөргүппүппүтүнэн киэн туттуохтаахпыт.
Ону тэҥэ, Россияҕа Дьиэ кэргэн сыла, Саха сиригэр Оҕо саас, Нам улууһугар Оҕо спордун сыла буолбутунан эдэр ыаллар оҕолорунаан бука бары катогу толоруохтара.
«Катогу үлэлэтэрбит устата биһиэхэ Нам улууһун, Ленскэй нэһилиэк олохтоох дьаһалталара күүс-көмө буолаллар. НКТЭ, урбаанньыт водовоз Петр Собакин уу кутааһыныгар илиилэрин утары ууналларыгар махталбыт муҥура суох.
Нам улууһугар хоккей куруук өрө тутуллар. Катокпутугар Нам, Хамаҕатта, Үөдэй хоккеистара кэлээччилэр», — диир Владислав Корякин.
Харысхан Попов