Нам кэрэ буоларыгар бары күүһү ууруохха

Нам улууһун архитектора Анна-Мария Степанова улуустааҕы гимназия үөрэнээччилэрин кытта көрүстэ. Анна-Мария Степанова оҕолорго Нам улууһугар архитекторынан иккис сылын үлэлиирин билиһиннэрэн туран, үлэтин сүрүнүн кэпсээн быһааран саҕалаата.

“Саха сирин архитектордара тутууларга сахалыы тыыны киллэрэр буоллулар. Архитектура иннин диэки барар. Холобура, Дьокуускайга номнуо дьиэ үрдүгэр оҕо, дьон сынньанарыгар сөптөөх былаһааккалар баар буоллулар”, – диир архитектор Анна-Мария.

Намҥа куорат эйгэтин тэрийии туһунан кэпсэтии буолла. Ол курдук, улууспутугар “Жилье и городская среда” национальнай бырайыагынан тупсарыы үлэлэрэ ыытыллаллар.

Улуус архитектора Доҕордоһуу туһунан сиһилии билиһиннэрэриттэн, уопсастыба санаатынан уонна этиитинэн салайатаран болуоссат кураанах буолуо суоҕа. Болуоссакка оҕо-аймах, ыччат, дьиэ кэргэттэр тоҕуоруһа мусталларыгар фонтан, былаһаакка, сыана, сынньанар сир баар буолуохтара. Болуоссакка бары таптаан сылдьар сирбитинэн буолуоҕа – Нам улууһун бэлиэтэ Куба. Дьон 8 миэтэрэ үрдүктээх Куба панорамнай былаһааккатыттан болуоссаты барытын хабан көрүөҕэ.

Нам сэлиэнньэтигэр Максим Аммосов набережнай тутуута баар буолла. Манан тохтообокко, Нам сайдыыга хардыылаан иһэригэр, кэрэ көстүүлээх буоларыгар олохтоохтор кыһамньыбытын уурарбытын өссө күүһүрдүөхпүт.

Мантан саас кулун тутар 15 күнүттэн муус устар 30 күнүгэр диэри намнары суолталаах куоластааһын күннэрэ күүтэллэр. “Нам толору киэркэйэ тупсарыгар, ыраас буоларыгар күүһү уурабыт” диэн өйдөбүл оскуола үөрэнээччититтэн саҕаланыахтаах.

Бэлиэтээн эттэххэ, бүгүн госуслуги приложениены туһанар оскуола үөрэнээччитэ тута хайдах киирэн куоластыыры интэриэһиргээн ыйытта.

Харысхан Попов