Нам сэлиэнньэтэ тупсарыгар дьаһалта болҕомто уурар

Намҥа байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын чугас дьонноругар куруук болҕомто ууруллар, көмө оҥоһуллар. Ол курдук, буойуттар чугас дьонноругар МАУ эр дьоно кумах тиэйэн биэрбиттэрин МАУ АРТ салайааччыта Виктор Яковлев иһитиннэрэр.

Бу күннэргэ күүстээх үлэҕэ сылдьааччылар сэлиэнньэ түөрт тохтобулугар суол бэлиэлэрин оҥорон туруордулар. Ыалларга ууну тиэрдэр ханааллар ыраастаннылар.

Сэлиэнньэ олохтоохторун ордук суол оҥоруута долгутара уруккуттан биллэр. Сайын устата Нам үгүс суолларыгар суолу көннөрүү, өрөмүөн ыытылынна, ыытылла турар. Холобура, үлэһиттэр Ленскэй уулусса олохтоохторо суолга харгыстары көрсүбэккэ айанныылларыгар киирии суолларыгар буор кутулунна. Оттон Илья Винокуров аатынан уулусса асфальт суолугар алдьаныы тахсыбыт дьаамаларын бэйэ күүһүнэн абырахтаатылар.

Ленскэй нэһилиэк пресс-киинэ

Читайте дальше