Нам сэлиэнньэтигэр спордунан дьарыктанарга усулуобуйа барыта баар

Нам улууһун үгүс нэһилиэктэрэ спорт дьиэлээхтэр. Дьон-сэргэ манна босхо дьарыктанар.

Нам сэлиэнньэтин олохтоохторо эттэрин-хааннарын чэбдигирдэллэригэр Александр Игнатьев аат. стадион, манеж, култуура-спорт комплекса үлэлиир.

Култуура-спорт комплексын салалтата нэһилиэнньэҕэ чэпчэтии олохтообута. Элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэргэ (3-4 оҕолоохторго) 50%, 5-тэн элбэх оҕолоох ыаллар спорт саалаҕа кэлэн дьарыктаналлара босхо. Бойобуой дьайыы ветераннарыгар, III бөлөх инбэлииттэргэ 50%; бойобуой дьайыы инбэлиитттэригэр, I, II бөлөх инбэлииттэргэ, инбэлиит-оҕолорго, тулаайах оҕолорго босхо; пенсионердарга, байыаннай сулууспалаахтар дьиэ кэргэттэригэр 50% чэпчэтии олохтоммута. Ону тэҥэ, ГТО нуормаларыгар кыһыл көмүс бэлиэлээхтэригэр 50%, үрүҥ көмүстээхтэргэ 40% уонна боруонсалаахтарга 30% чэпчэтии баар эбит.

Россия президенэ Владимир Путин дойду үрдүнэн Дьиэ кэргэн сылын биллэрдэ. 2024 сылтан дьиэ кэргэн өссө бөҕө тирэхтээх, чиҥ буоларыгар судаарыстыбаттан болҕомто ууруллуоҕа. Нам улууһугар спорду күүскэ уһугуннаран саҕалаабыттарын бэлиэтиибит. Улууспут киинэ – Ленскэй нэһилиэккэ быйыл хас да спартакиада буолуоҕа – уһуйаан иитиллээччилэригэр, оскуола үөрэнээччилэригэр, тэрилтэлэр икки ардыларыгар, аҕам саастаахтарга.

Эдэр ыаллар, элбэх оҕолоохтор олохторо тупсарыгар Россия, регион, улуус, нэһилиэк таһымнаах көмөлөр, сөптөөх үлэлэр бу курдук ыытыллан саҕаланыахтара.

Дьиэ кэргэммит иһигэр тапталы, эрэли бэйэбит үөскэтэн улаатыннардахпытына, дойдубутугар бэриниилээх буолууну өссө ордук күүһүрдүөхпүтүгэр итэҕэйэбит. Хамсааһын уһуннук кэтэһиннэриэ суоҕа.

Харысхан Попов

Читайте дальше