Нам сэлиэнньэтин олохтоохторо “Большой этнографический диктант” акцияҕа кытталлар

Н.М. Рыкунов аатынан Намнааҕы библиотекаҕа “Большой этнографический диктант” бүтүн Россиятааҕы сырдатыы акция ыытылынна.

Диктант нэһилиэнньэ Дойду историятын, култууратын, норуоттар үгэстэрин үөрэтиигэ, өйү-санааны кэҥэтиигэ, билиини хаҥатыыга олоҕурар. Бүгүн улуустааҕы библиотекаҕа оскуола оҕолоруттан саҕалаан аҕам саастаахтарга тиийэ 45 мүнүүтэ устата диктант толордулар.

Бу үтүө бэлиэ – оҕо киһи кэлэн ханнык, хайдах дойдуга олорорун билэ сатааһына, бэрэбиэркэлэниитэ. Оттон көхтөөх аҕам саастаахтар, санныларыгар хаһыс да сылларын хаар уулларбыттар бэйэлэрин тургутуулара – олоҕу кытта тэҥҥэ хаамыыларын, инникигэ эрэллээхтик хардыылыылларын туоһулуур.

Харысхан Попов

Читайте дальше