Нам сэлиэнньэтин уулуссалара сырдатыллыахтара

Күһүҥҥү хараҥалар саҕаланнылар. Ленскэй нэһилиэк барыта 103 уулуссалаах. Сэлиэнньэ хас биирдии олохтооҕо сырдатыллыбыт уулуссанан хаамар баҕа санаалаах.

Мантан күһүн Лесной, Парковай уулуссалар уоттара тардыллан, холбоноро былааннанарын Ленскэй нэһилиэк баһылыга Петр Сокольников этэр. Ону тэҥэ, Таллан Бүрэ аат. уулуссаҕа сырдатыы үлэтэ ыытыллар. Бүгүҥҥү күҥҥэ Ржевскэй уулуссаҕа уот холбонуута эрэ хаалан турар.

“Уларыйыы киирэн, “Якутскэнерго” тэрилтэ уулуссаны сырдатар хас биирдии лаампаҕа төлөбүр көрдөөн турар. Биир остуолба төлөбүрэ 103 солк. тэҥнэһэр. Манна харгыстар үөскээннэр, холбонуохтаах уоттарбытыгар көҥүл ылбакка олоробут. Даҕатан эттэххэ, маннык кыһарыйтарыыга улуус үгүс нэһилиэгэ киирэр.

Бу күннэргэ икки өттүттэн “Якутсэнерго” тэрилтэни кытта кэпсэтии ыытыахтаахпыт: лаампа иһин уонна сир арендатын иһин харчы төлөнөрүн курдук”, – диир Петр Григорьевич.

Харысхан Попов

Читайте дальше