Нам улууһа ититии ситимигэр холбонорго бэлэм

Нам улууһугар ититии ситимигэр холбонуу балаҕан ыйын саҥатыттан саҕаланыаҕа. АО “Намкоммунтеплоэнерго” көрүүтүгэр-истиитигэр 52 хочуол баарыттан 8-һа чоҕунан оттуллар.

Гааһынан оттуллар хочуолларга 2012 сыллаахтан итиини биэрэр трассаларын саҥаҕа уларытыыбыт 90 % тэҥнэһэн турар. Ону тэҥэ, улууспутугар тутуулар бара туралларынан, эрдэттэн ититиигэ холбоноллорун хааччыйар хочуоллары оҥорон бэлэмниибит”, – диир кылаабынай инженер Евтропий Тихонов.

Быйылгы оттук кэмигэр төһө бэлэммитий? Улууска итиини тарҕатар хочуолларга ыытыллыахтаах өрөмүөннэр толору баран, билигин үлэҕэ бэлэмнэрин кылаабынай инженер чопчулуур.

Ол курдук, былырыын Нам улууһа ититиигэ балаҕан ыйын 4 күнүгэр холбоммут буоллаҕына, быйыл ититии ситимигэр холбонуу чыыһылата уларыйыаҕа. Итии киириэн иннинэ, икки нэдиэлэ инниттэн “Намкоммунтеплоэнерго” үлэһиттэрэ дьиэлэргэ уу хачайдаан бэлэм оҥоруохтара. Ыаллар бу кэмҥэ бэйэлэрин өттүттэн ирдэнэри тутуһаллара уонна толороллоро ирдэнэр.

“Үлэ барарын устата, оттук кэмэ саамай эрдэлээбитэ былырыын буолбута – балаҕан ыйын 4 күнүгэр. Ол иннинэ, куруук балаҕан ыйын 10 күнүгэр холбонооччубут. Арай хойутуу сылдьыбыт кэммит диэн – балаҕан ыйын 15 күнэ. Итиигэ холбонуу күн-дьыл туруга хайдаҕыттан тутулуктаах.

 

Өрүс нөҥүө нэһилиэктэрбитигэр чох тиэрдиитэ тохсунньуттан саҕаланан билигин чоҕунан хааччыллан олоробут. Ол курдук, оттук кэмэ саҕаланна да, хас биирдии дьиэ сылаас буоларыгар үлэһит оруола улахан.

 

Кыраадыс хас буоларыттан көрөн тэҥ температура бэриллиэхтээх. Ону сорох ыаллар тымныйыахпыт диэннэр, дьиэлэригэр ордук сылаас буоларын туһуттан эбии радиатордары туруорааччылар. Ити төрүт сыыһа! Режими кэһии тахсыа суохтаах”, – диэн быһаарар Евтропий Алексеевич.

Харысхан Попов

Читайте дальше