Нам улууһа “Манчаары оонньууларыгар” тэринэр

Спорт национальнай көрүҥнэригэр XXII төгүлүн ыытыллар “Манчаары оонньуулара-2025” Спартакиада Таатта улууһугар буолуоҕа. “Манчаары оонньуулара” Спартакиаданы бүтүн Саха сирин олохтоохторо күүтэллэр.

Нам улууһугар Спартакиадаҕа тэринии хамсааһыннара саҕаланан эрэллэр. Ол курдук, улуустааҕы олохтоох дьаһалтаҕа спортсменнар дьарыктара, көрүҥнэр билиҥҥи туруктарын кэпсэтэр, сүбэлэһэр мунньах буолла.
“Нам улууһуттан 100-тэн тахса спортсмен айанныыра былааннанар. Спортсменнар доруобуйуларын көрүүгэ 4 быраас барсыаҕа. Тохсунньуттан көрүҥнэргэ олохтоох дьарыктар, күрэхтэһиилэр саҕаланыахтара. Кэтээн көрөрбүтүнэн, көрүҥнэр эрчиллибэккэ сылдьаллар диэн этэр сатаммат”, – диир улуустааҕы спорт управлениетын салайааччыта Павел Иванов.

2025 сыллаахха буолаары турар оонньууларга көрүҥнэргэ кэккэ уларыйыылар киириэхтээхтэрин, нэһилиэк баһылыктара кыттыылаах саҥа сүүрээннэр баар буолуохтаахтарын туһунан спорт управлениетын салайааччыта Павел Гаврильевич иһитиннэрдэ. Хапсаҕайга Ленскэй нэһилиэк баһылыга Петр Сокольников бигэ санааны ылынан, номнуо, представитель быһыытынан үлэлииргэ бэлэмин биллэрбит.

“Сахалар төрүт көрүҥнэрбититтэн хапсаҕайга быдан чугаспын дии саныыбын. Ол курдук, оҕо сылдьан доҕотторбун кытта көбүөргэ элбэхтэ бириэмэбин тустан, хапсаҕайдаан атаарбыт киһибин.

Тэрийээччилэр маннык быһаарыныы ылыммыттарын биһириибин. Кэнники кэмҥэ спорт хайысхаларыгар баһылыктары сыһыарыы, кытыарыы саҕаламмытын өйүүбүн. Салайар киһи эт-хаан өттүнэн бэйэтин кыанар, спорт көрүҥнэригэр санаатын уурар буолуохтаах диэн этиигэ толору сөбүлэһэбин”, – диэн санаатын үллэстэр Петр Григорьевич.

Кэлэр сайын Саха сирин спортсменнара төһө тупсубуттарын, ханнык кэрдиискэ өрө тахсыбыттарын хапсаҕай, гиирэ, мас тардыһыы, национальнай ыстаныы, чэпчэки атлетика, многоборье, хотугу многоборье, төрүт ох саанан ытыы, буулдьанан ытыы, ат сүүрдүүтэ уонна хабылык, хаамыска төрүт көрүҥнэр туоһулуохтара.

Нам улууһун бөлөҕөр бары да тэҥ баайыылаах улуустар күрэхтэһэллэр. Холобура, Тааттаттан икки сүүмэрдэммит хамаанда туруоҕа. Билиҥҥинэн, иккис бөлөҕү баһылыан-көһүлүөн, “тыас” таһаарар кутталланыан сөптөөх улуустарынан ааттаналлар – спорт сайдыбыт дойдута Чурапчы уонна таһыччы сабырыйар чэпчэки атлетикалаах, хапсаҕайдаах, хабылыктаах, хаамыскалаах Үөһээ Бүлүү улуустара.

Бэйэлэригэр эрэнэр улуустары кытта дьоһуннаахтык киирсэрдии, тиһэҕэр диэри күрэхтэһэрдии кыах, өй-санаа өттүнэн бэлэм буолуохтаахпыт. Ол туһуттан, мөлтөх өрүтү төрүт санаабат, уолуйбат дьиппиэн санаалаах улуустааҕы спорт управлениетын салалтатынан спорт эйгэтин үлэһиттэрэ чугаһаатар-чугаһыыр Спартакиадаҕа кылааттарын, күүстэрин ууран үлэлэһэллэрэ ирдэнэр. Туора туруу суох буолуохтаах! Намнар, кэлэр сылтан өрө көтөҕүллүүнү таһаарыҥ!

Сүбэ мунньахха биирдиилээн көрүҥнэр эппиэтинэстээхтэр спортсменнарга туох наада буоларын, дьарыктар хайдах быһыылаахтык ыытылла туралларын билиһиннэрдилэр. Бары көрүҥнэргэ күрэхтэһиилэргэ кыттыы, кэлии-барыы наадата этиллэр. Онуоха, транспорт өттүгэр ыарахаттары көрсүү баар. Былаан быһыытынан салалларыгар, көрүҥнэр, федерациялар эрдэттэн торумнаммыт сырыы суолун тиксэрэллэригэр Нам улууһун салалтата сүбэлиир.

Бастатан туран, спортсмеҥҥа сөптөөх дьарыгы, усулуобуйаны олохтооһун. Холобура, киһи былчыҥнарын бүтүннүү хамсатан, эрчийэн күүс өттүнэн толору бэлэмнээх оҥорууга “Хатан” спорт кулуубу кытыарыы диэн сыаналанар. Бу толкуй үчүгэй өттүнэн саҕан эрэллээх түмүгү биэрдэҕинэ, инникитин этиллибит хайысха уһун кэмнээх үлэлэһиигэ кубулуйуоҕа.

Нам улууһугар кэмниэ-кэнэҕэс мас тардыһыы “сыарҕата” хамсаан эрэригэр үгүстэр эрэнэллэр. Ол курдук, 2024 сыл устата мас тардыһыыга үлэ таһымнаахтык барбытын, инники диэки сыҕарыйбытын кыраҕы харах ыараҥнатар. Холобура, урукку сылларга мас тардыһыы ыйааһыннарыгар биирдии киһини мүччү-хаччы булан илдьэр буоллахтарына, бүгүҥҥү күҥҥэ хас ыйааһын аайы күрэстэһии үөскээбитин мас тардыһыыга эппиэтинэстээх Сергей Софронов бигэргэтэр.

Төһө да хардыылар оҥоһуллубуттарын иһин, бастыҥнарга соһуччу күөрэс гымматын чахчы. Мас тардыһыыга чаҕылхай улуустарга араа-бараа күрэстэһии оҥорорго уһун сыллаах үлэ ирдэнэр. Мадьынылар үчүгэйдэттэхтэринэ 5-с миэстэҕэ таҕыстахтарына “кыайыы” буолуо этэ диэн баҕа санаа сүппэт. Бэлиэтээн эттэххэ, хайа баҕарар киһи баҕа санаатын сыалга-сорукка кубулутуохтаах.

Чэпчэки атлетикаҕа, хотугу многоборьеҕа “харамаайдааһын” баарыгар мэлдьэх суох. Оттон многоборьеҕа ыстаныыктар бааллар эрээри… Спорт таһыма биир сиргэ турбакка сыл ахсын сайдыыны аҕалар: күүстээҕи күүстээх, сымсаны сымса сабарыйар, солбуктан солбук үүнэн тахсар. Быһата, чэпчэки атлетикаҕа сүүрээччилэр, ыстаныыктар, многоборецтар, сөптөөх көрүүлэр баалларын спорду кытта үлэлэһээччилэр сырдаталлар. Барыта эн эппиккинэн сатанарыгар, киһи хараҕар оҥорбут хартыынатын олоххо киллэрэригэр, өйүгэр-санаатыгар сааһыланыыны ыыттаҕына кыайыыны, ситиһиини ыҥырарын өссө биирдэ санатабын.

Төрүт ох саанан ытыы уонна хабылык, хаамыска представителлэрэ булгуччу тренер баар буолуутун туруорсаллар. Холобура, төрүт ох саанан ытааччылар хайдах быһыылаахтык эрчиллиэхтээхтэрин улаханнык удумаҕалаппакка, судургутук ыталларын этинэллэр. Оччотугар хас биирдии ытааччы бэйэтэ билэринэн, сатыырынан дьарыктанар. Аны маннык бэйэтэ дьарыктана үөрэммит киһи тренер тылын истиэ, сүбэтин ылыныа дуо?

Быйылгы “Манчаары оонньууларыгар” хабылыкка, хаамыскаҕа уонна буулдьанан ытыыга уларыйыылар, эбии түһүмэхтэр киирэллэрэ чуолкайданар. Билиҥҥитэ, намнар саҥа уларыйыыларга толору бэлэммит дииртэн туттуналлар.

Буулдьанан ытыыга Нам улууһа куһаҕана суох. Билиҥҥи күн кэмэ-кэрдиитэ кыраҕы харахтаахтарга икки эбии профессиональнай сааны уонна экипировка таҥаһы хайаатар да баар оҥорууга туруулаһар. Буулдьанан ытааччыларбыт Спартакиадаҕа профессиональнай саанан уонна “воздушка” саанан ытыахтара. Кинилэр экипировкалара төһөнөн үчүгэй буолар да, соччонон сөпкө ыталларыгар кыахтара улаатыаҕа. Сүрүнэ, ханнык баҕарар көрүҥ спортсменнара долгуйууларын кыана туттунуохтарын наада.

XXII төгүлүн ыытыллар “Манчаары оонньуулара-2025” Спартакиада 11 көрүҥэ улахан дьон күрэхтэһэринэн эрэ муҥурдаммакка, оҕо кыттыыны ыларын тумнубат. Ол курдук, хаһааҥҥытааҕар да, сүрүн күүс, эрэл оҕолорго ууруллуоҕа. Оҕолорго уустуктар олоҕураллар: үөрэхтэн көҥүллэтии, эксээмэннэр.

Ат сүүрдүүтэ. Бу көрүҥҥэ сылыктаан да улаханнык туһаммаккын эбит. Нам улууһа хас дистанция аайы сүүрүүк аттары туруоруо эрээри, саха боруодалаах көрүҥҥэ ата суох. Уопсайынан, саха боруодалаах сүүрүүк аты буларга улуус барыта уустугу көрсөрө бэлиэтэнэр. Холобура, саха боруодалаах аттар сүүрүүлэригэр, өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн бэрт ахсааннаах ат сүүрбүтүн, олортон даҕаны, биир эрэ ат фиништаабытын Филипп Николаев бигэргэтэр. Сүүрүүк ат наһаа кэбирэҕинэн сиэттэрэн, сыралаах көрүүнү-истиини эрэйэр эбит.

Нам улууһугар “Манчаары оонньууларын” кыайыылаахтарын аҕыйах күн чиэстээн-бочуоттаан баран умнууга хаалларар сыыһатын уот харахха эттилэр. Ол курдук, кыайыылаахтар сирэйдэрин-харахтарын баннердарга ойуулаан спорт дьиэлэригэр уопсай көрүүгэ таһаарарга Ньургун Тимофеев аатынан өрөспүүбүлүкэтээҕи Олимпийскай эрэл спорт оскуолатын дириэктэрэ Василий Винокуров этэр. Оччоҕо кэлэр көлүөнэ холобур оҥостуоҕа. Сөп эбит, бүгүҥҥү кыайыылаах-хотуулаах, ааттаах-суоллаах спортсменнарбыт “дьарыктанар сирбитигэр киэн туттар спортсменнарбыт хартыыналарын көрөммүт элбэхтэ холобур ылбыппыт, кинилэр курдук буолуохпутун баҕарарбыт” диэн ахталлар.

Харысхан Попов

Читайте дальше