Нам улууһун сиригэр-уотугар 3 ойуур баһаара баара бэлиэтэнэр, баһаартан сэрэхтээх буолуу ураты кэмэ үлэлиир.
Артур Иванов, Намнааҕы ойуур хаһаайыстыбатын начальнигын эбээһинэһин толорооччу:
-Баһаартан сэрэхтээх буолуу кэмиттэн барыта 12 уот тура сырытта. Мантан 3 уот дьон дьалаҕайыттан таҕыста уоннааҕыта чаҕылҕан охсуутуттан күөдьүйбүт уоттар. Билиҥҥи туругунан, Көбөкөҥҥө 2, 1 Хомустаахха 1 баһаар баар. Бу үс баһаары 45 киһи умуллара сылдьар. Кинилэр: олохтоохтор уонна Намнааҕы ойуур хаһаайыстыбатын, «Якутлесресурс» ГАУ үлэһиттэрэ.
СӨ экологиятын министерствотын ойууру чөлүгэр түһэрии уонна харыстааһын департаменын салайааччыта Николай Никитин иһитиннэрбитинэн, суукка иһигэр Саха сирин үрдүнэн уопсайа 1,9 тыһ. га иэҥҥэ 9 баһаар бохсуллубут. Бэс ыйын 15 күнүнээҕи туругунан 130 тыһ. гааҕа 72 ойуур баһаара баара биллэрэ. Саамай элбэх уот Өлүөхүмэҕэ – 15, Алдаҥҥа уонна Томпоҕо – 10, Нерюнгрига – 9, Кэбээйигэ – 5, Аммаҕа, Үөһээ Дьааҥыга, Бүлүүгэ, Мэҥэ Хаҥаласка, Муомаҕа, Уус Маайаҕа – 2, Булуҥҥа, Горнайга, Эдьигээҥҥэ, Мирнэйгэ, Өймөкөөҥҥө, Өлөөҥҥө, Тааттаҕа, Уус Алдаҥҥа, Усуйаанаҕа, Эбээн Бытантайга – 1.
Баһаардары умулларыыга 900-тэн тахса киһи, 59 техника үлэлиир.
Бэлиэтээн эттэххэ, Сахабыт сиригэр баһаартан сэрэхтээх буолуу кэмэ ыам ыйын 6 күнүттэн саҕаламмыта. Бэс ыйын 11 күнүттэн региональнай таһымнаах ыксаллаах быһыы-майгы биллэриллэн, уоту умулларыыга эбии күүс-көмө, үп көрүллэригэр кыах биэрдэ.
Томпоҕо, Өлүөхүмэҕэ, Аммаҕа олохтоох таһымҥа ЧС биллэриллибитэ. Баһаартан сэрэхтээх буолуу ураты кэмэ Алдаҥҥа, Бүлүүгэ, Үөһээ Дьааҥыга, Үөһээ Бүлүүгэ, Кэбээйигэ, Өлүөхүмэҕэ, Муомаҕа, Мэҥэ Хаҥаласка, Нерюнгрига, Намҥа, Сунтаарга, Орто Халымаҕа, Томпоҕо, Тааттаҕа, Хаҥаласка, Уус Алдаҥҥа, Уус Майаҕа, Дьокуускайга дьайар.
Л. Ноговицына