Намнааҕы 1-кы №-дээх оскуолаҕа учууталлар, иитээччилэр, оҕону кытта үлэлиир педагогтар тус-туспа секцияларынан мунньаҕы саҕалаатылар.
Мунньахтааччылар оскуола иннинээҕи үөрэх хаачыстабытын үрдэтии; үөрэнээччини сөптөөхтүк иитии, сөптөөх хайысхаҕа сирдиир; оскуолаҕа үөрэххэ талаһыы, үөрэҕи тарҕатыы, сырдатыы тустарынан төгүрүк остуоллар буолаллар. Оттон Намнааҕы 2-с №-дээх оскуолаҕа эдэр педагогтар “Молодые молодым” диэн кэпсэтиигэ санааларын атастаһаллар.
Атырдьах ыйынааҕы сүбэ мунньах М.К. Аммосов аатынан Дыбарыаска 14.00 ч “Воспитание личности в едином образовательном пространстве” пленарнай мунньаҕынан салҕаныаҕа. Улууска үөрэҕи тарҕатааччыларга бүгүҥҥү күҥҥэ туох уларыйыылар киирбиттэрин сиһилии сырдатыахтара.
Харысхан Попов