Нам улууһугар былыргы саха олоҕун үөрэтиигэ үс өрүттээх сөбүлэҥҥэ илии баттаһыы буолла

Нам улууһун историятын чиҥэтэн үөрэтиигэ П.И. Сивцев аатынан Намнааҕы история уонна этнография музейыгар үс өрүттээх сөбүлэҥҥэ илии баттаһыы тэрээһинэ буолла.

Үлэ олохтоохтук ыытылларыгар уонна күүһүгэр киирэригэр Нам улууһун баһылыга Юрий Слепцов, “Саха сирин тутааччыларын сойууһа” Ассоциация генеральнай директора Айхал Габышев, Россия наукаларын академиятын Сибиирдээҕи салаатын Гуманитарнай чинчийии уонна аҕыйах ахсааннаах омуктар кыһалҕаларын үөрэтэр институт салайааччыта Сардаана Боякова докумуонунан бигэргэттилэр.

Нам улууһа Саха сирин судаарыстыбата тэриллэригэр быһаччы кыттыгастаах. Маҥнай нуучча норуота Саха сирин буларыгар, кини аата үһүйээнинэн эрэ иһиллибэккэ, маҥнайгынан докумуоҥҥа киирбит өбүгэбит Мымах буолар. Сайдыы туһугар сыратын уурбут кини уола Ньыыка, ыраахтааҕыны кытта сибээс олохтуу айаннаабыт сиэнэ Нохтоо дьиҥ чахчы олорон ааспыт дьоннор буолалларын эмиэ докумуон туоһулуур. Салгыы, дириҥ силистээх-мутуктаах “Эҥсиэли” хочотуттан государственнай деятеллар Чаҕылхай Максим Аммосов, Илья Винокуров республикаҕа сүҥкэн оруоллаахтар. Бу этиилэри историческай наука доктора Андриан Борисов, улуус баһылыга Юрий Слепцов бигэргэтэллэр.

“Учуонайдар үөрэтии хайысхатыгар баҕа санаабыт элбэх. Ол эрээри, үп-харчы өттүгэр кэлэн иҥнии баар. Манна сыһыары эттэххэ, харчынан өйөөһүнү Нам улууһа уонна “Саха сирин тутааччыларын сойууһа” Ассоциация ылыналлара инникигэ олус суолталаах, кэрэхсэбиллээх”, – диэн бүгүҥҥү үс өрүттээх сөбүлэҥ туһунан санаатын этэр Сардаана Ильинична.

Ыытыллыахтаах үлэлэр аҥардас киэн туттар дьоммутун үөрэтиинэн эрэ муҥурдаммакка, бу эйгэҕэ үлэлээччилэр күүстэрин “Саха сиригэр бөдөҥ тутуулар түҥ былыргыттан бааллара” диэн этиини дакаастыырга турунуохтара. Холобура, түҥ былыр сахалар 15 кириэппэс туппуттара этиллэр. “Кыһыҥҥы томороон тымныылаах сахалар биллэн турар, оччоттон-баччаҕа диэри туһунан суоллаах-иистээх тутуулаах олорон кэллэхпит”, – диир баһылык Юрий Иннокентьевич.

Ити курдук, сөбүлэҥ биир күүһэ – саха омук тутууга мындырын көрдөрөр сыаллаах-соруктаах. “Туймаада ыһыаҕа” архитектурнай этнографическай комплекс салайааччыта Вильям Яковлев-Түһүлгэн билиһиннэрбитинэн, инникитин Нам Партизаныгар Мымах кинээс хайдах быһыылаахтык олорбутун кэпсиир парк тутуллан олоххо киириэҕэ. Бу тула санаалар этилиннилэр. Биир көстүү – Нам сэлиэнньэтин “Нэлэгэр” оройуонугар саха былыргы олоҕо көстүбүтүн Бөтүҥ нэһилиэгин оскуолатын история учуутала Егор Софронов эттэ.

“Сөбүлэҥ түһэрсиллибит ситиһиитинэн дуоһуйбакка, тохтообокко, Нам улууһугар чинчийии, үөрэтии үлэтэ күүскэ барарыгар бары күүһү ууруохха”, – диир Айхал Габышев.

Харысхан Попов