В.П. Артамонов аатынан Хамаҕатта саха-француз лиссиэйин естественнэй-математическай методхолбоһугун учууталлара «3Дь. Дьоҕур. Дьарык. Дьулуур» улуустааҕы маҥнайгы дьиэ кэргэн олимпиадатын ыыттылар.
Бу күрэҕи аан маҥнай лиссиэй иһинэн ветеран учуутал Анна Григорьевна Таркаева 2007-2008 үөрэх сылыгар тэрийэн саҕалаабыта. Ол кэмтэн сылын аайы бу олимпиада тиһигин быспакка ыытыллар. Быйыл бастакы улуус таһымнаах олимпиадаҕа Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн, СӨ Оҕо саас сылларын чэрчитинэн математика, тулалыыр эйгэ, физика предметтэрин хабан, 6-7 кылаас оҕолоро төрөппүттэрин кытта дьиэ кэргэн хамаандата буолан кииристилэр.
Олимпиадаҕа Нам улуустааҕы гимназията, Нам 1,2 нүөмэрдээх оскуолалара, Хамаҕатта саха-француз лиссиэйэ, I Хомустаах, Хатыҥ Арыы, II Хомустаах, Хамаҕатта, Партизан, Хатырык, Түбэ, Үөдэй, Модут, Бөтүҥ, Арбын оскуолаларыттан барыта 27 дьиэ кэргэн кытынна.
Олимпиада түмүгүн математика учуутала Саргылана Исаковна Москвитина билиһиннэрэр:
— 6 кылаастарга 3 миэстэ — Сивцев Андрей уонна Сивцева Алена Васильевна, Нам 1 нүөмэрдээх оскуолата;
3 миэстэ — Спиридонова Ева уонна Спиридонов Александр Прокопьевич, Нам 1 нүөмэрдээх оскуолата;
3 миэстэ – Татаринова Илона уонна Татаринов Дмитрий Николаевич, Үөдэй орто оскуолата.
2 миэстэ – Находкина Анита уонна Находкина Ирина Сергеевна, Хамаҕатта саха-француз лиссиэйэ;
2 миэстэ – Эверстов Виктор уонна Эверстов Евгений Викторович, Нам улуустааҕы гимназията.
1 миэстэ – Ядреев Дьулустаан уонна Ядреев Айсен Афанасьевич, 1-Хомустаах орто оскуолата.
7 кылаастарга 3 миэстэ — Игнатьев Анатолий уонна Игнатьева Ольга Александровна, Нам 1 нүөмэрдээх оскуолата;
3 миэстэ – Стрекаловская Амелия уонна Стрекаловская Анисия Иннокентьевна, Нам 1 нүөмэрдээх оскуолата:
3 миэстэ – Андреева Эсмеральда уонна Колпашникова Анна Васильевна, Затон оскуолата.
2 миэстэ – Абрамов Марк уонна Абрамов Сергей Сергеевич, Нам улуустааҕы гимназията;
2 миэстэ – Москвитина Сайаана уонна Москвитин Владилен Николаевич, Нам улуустааҕы гимназията.
1 миэстэ – Винокуров Денис уонна Петров Павел Афанасьевич, Хатырык орто оскуолата.
Күрэх оҕо уонна төрөппүт алтыhар түгэнин үөскэтэр, оҕо үөрэтэр предметин нөҥүө удьуорунан бэриллибит дьоҕурун таба тайанарыгар, салгыы бэйэтин сатабылын сайыннарарыгар туһалаах буолуоҕа.
Мария Винокурова