Нам улууһугар дьоҕус суудунанан сылдьыы алтынньы 9 күнүгэр түмүктэниэҕэ. Бу туһунан «Нам улууһа» МТ пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
СӨ тырааныспарга уонна суол хаһаайыстыбатыгар министерствотын бирикээһинэн, СӨ территориятыгар физическэй уонна юридическай сирэйдэргэ сыһыаннаах дьоҕус суудуналарга навигацияны сабыы болдьоҕо олохтонно.
Ол курдук, балаҕан ыйын 27 күнүттэн: Үөһээ Халыма, Үөһээ Дьааҥы, Дьааҥы, Муома, Өймөкөөн, Өлөөн, Орто Халыма, Эбээн-Бытантай, Абый, Аллайыаха, Анабаар, Аллараа Халыма, Уус Дьааҥы, Булун оройуоннарыгар.
Алтынньы 9 күнүттэн: Амма, Алдан, Мииринэй, Нерюнгри, Өлүөхүмэ, Ленскэй, Үөһээ Бүлүү, Бүлүү, Горнай, Кэбээй, Мэҥэ Хаҥалас, Нам, Ньурба, Сунтаар, Таатта, Томпо, Уус Алдан, Уус Майа, Хаҥалас, Чурапчы улуустарыгар уонна Дьокуускай, Жатай эҥэрдэригэр.
Навигация сабыллыаҕыттан ыла дьоҕус суудуналар уу эбийиэктэригэр тахсар түгэннэригэр суудуна суоппардара административнай эппиэтинэһи сүгэллэрин ГИМС санатар. Суудуна тоҥор түгэнигэр, уунан сырыыга кутталы үөскэтэрин умнумаҥ.