Нам улууһугар бүгүн Илиҥҥи Байыаннай уокурук байыаннай-политическай үлэҕэ бойобуой бөлөх хамаандыырын солбуйааччы, байыаннай-политическай управление салайааччыта, генерал-лейтенант Роман Греков үлэлээтэ. Ол курдук, генерал-лейтенант Роман Греков Саха сиригэр антифашистскай форумҥа кэлэ сылдьар.
Нам улууһугар делегация бойобуой дьайыы ветераннарын скверигэр сибэкки уурууттан саҕалаата. Салгыы П.П. Ядрихинскай-Бэдьээлэ аатынан Намнааҕы Олоҥхо дьиэтигэр генерал-лейтенант Роман Грековы уонна «Мы есть мы» ансаамбылы алгыһынан, алаадьынан көрүстүлэр. Онтон Нам улууһун уопсастыбаннаһын уонна байыаннай дьайыы байыастарын чугас дьонун кытта кэпсэтиинэн көрсүһүү салҕаммыта.
«Мы есть мы» Уһук Илин байыаннай уокурук вокальнай-инструментальнай ансаамбыл М.К. Аммосов аатынан Култуура дыбарыаһыгар кэнсиэртээтэ.
Патриотическай тыыннаах Норуоттар сомоҕолоһууларын күнүгэр анаммыт кэнсиэри Е.М. Шапошников аатынан Хамаҕатта орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ, Руслан Захаров иитиллээччилэрэ арыйдылар.
Бүгүн Нам улууһугар үлэлээбит, байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын чугас дьонун кытта көрсөн санаа атастаспыт генерал-лейтенант Роман Греков намнарга саллаат тылын этэр.
Харысхан Попов