Нам улууһугар икки күн охтор кыырайа көттүлэр

Саха сиригэр физкультурнай хамсааһын тэриллибитэ 100 сылыгар, Физкультурник күнүгэр анаммыт икки күннээх төрүт ох саанан ытыы “Эҥсиэли Кубога” күрэхтэһии түмүктэннэ. Александр Игнатьев аатынан стадиоҥҥа 60-ча спортсмен бэйэтин оноҕоһун көтүттэ.

“Кэрэ аҥаардарга бэйэ туһугар ытыыга, Россия Кубогын хаһаайына, 18 сааһын туолбут Дженнифер Дарбасова тэҥнээҕин булбата. Дженнифер куобах, кус түһүмэҕэр ортоку сылдьыбыт буоллаҕына, тииҥ түһүмэҕэр бэйэтин хомунан олус бэргэнник ытта. Бу буолар, төрүт ох саанан ытыыга көһүппэтэх өрүтүн”, – диир кылаабынай судьуйа Сардаана Жиркова.

Дьахталларга: Үһүс бочуоттаах миэстэ 44 очколаах (куобах – 9, кус – 20, тииҥ – 15) Чурапчы төрүт ох саанан ытааччытыгар Эльвира Ефимоваҕа айаннаата. Иккиһи Бүлүүттэн 47 очколаах (куобах – 13, кус – 22, тииҥ – 12) Клара Спиридонова ылла. Кэрэ аҥаардарга “Эҥсиэли Кубога” кыайыылааҕынан Томпоттон Дженнифер Дарбасова буолла. Кини кыыраппыт кыайыылаах оноҕоһо куобахтан 13, кустан 16, тииҥтэн 27 очколары аҕалбыт.

Ветеран дьахталларга бириистээх миэстэни Намтан 31 очколаах (куобах – 5, кус – 14, тииҥ – 12) Эрилик Күндайаана Уус Кыыһа арыйан саҕалыыр. Кыайыылаахтан түөрт очконан хаалан, уопсайа 37 очколаах (куобах – 8, кус – 14, тииҥ – 15) Уус Алдан спортсмена Сусанна Аммосова тахсар. Бастыҥ ох саанан ааттанна – куобахха 3, куска 20, тииҥҥэ 18 очкону ылбыт Дьокуускайтан “Дьулуур” хамаанда аатыттан кыттыбыт Евдокия Петрова.

Эр дьоҥҥо. Үһүстэн саҕалыыр – 27 очколаах (куобах – 7, кус – 8, тииҥ – 12) Томпо спортсмена Петр Андросов. Иккиһи 33 очколаах (куобах – 7, кус – 8, тииҥ – 18) дабайар – Чурапчыттан Барыс Баишев. Кыайыылаах – Намтан Петр Калачев. Дойдулаах ох саанан ытааччы куобахтан 8, кустан 12, тииҥтэн 18 очколары ылбыт.

Бэтэрээн эр дьон. Уус Алдан ох саанан ытааччыта Василий Решетников биир очконон чорбойон (16 очко: куобах – 6, кус – 4, тииҥ – 6) үһүс бочуоттаах миэстэҕэ тахсар. Иккис нүөмэринэн 17 очколаах (куобах – 3, кус – 8, тииҥ – 6) Дьокуускай, “Чолбон” хамаанда Виктор Елисеев ааттанар. Бастыҥ – Амматтан Егор Баранов буолла. Кини куобахха 5, куска 10, тииҥҥэ 6 очкону сурунна.

Төрүт ох саанан ытыы иккис күнүгэр, хамаанданан (икки дьахтар, икки эр киһи) күрэхтэһиигэ Чурапчы улууһа — кыайыылаах, Бүлүү улууһа- иккис, Томпо улууһа — үһүс буолбуттарын күрэхтэһии кылаабынай судьуйата Сардаана Жиркова этэр.

Муҥутуур кыайыылаахтары быһаарарга 60 кыттааччы бары киирэн ыппыт. Маҥнай куобаҕы таппыт 30 ытааччы куска ааспыт, мантан 11 киһитэ тииҥ ытарга тахсар. Онтон финалга – Борис Баишев (Чурапчы), Кэскил Дарбасова (Дьокуускай, “Чолбон” хамаанда), Николай Васильев (Бүлүү). Ити курдук, Кэскил Дарбасова тииҥнэри эрэллээхтик табан “Эҥсиэли Кубога” күрэхтэһии муҥутуур кыайыылааҕа буолбут.

“Ытааччы ох саатын, күрэхтэһии эйгэтин этинэн-хаанынан, өйүнэн-санаатынан билиэхтээх. Ол курдук, кинини тыал, ардах тохтотуо суохтаах. Хайдах баҕарар күн-дьыл турдун, күрэхтэһээччи түргэнник ньыма булан сөп түбэһэри тобулуохтаах. Көрүҥмүт оннук.

Түһүлгэ биэрбэтэ диэн баар. Дьарыкка наһаа үчүгэйдик ытар буоллаххына, күрэхтэһиигэ кэлэн атахтаныы буолааччы. Ох сааҕа араас буолар”, – диэн этэр Сардаана Константиновна.

Харысхан Попов

Читайте дальше