Нам улууһугар муус ылыыта күргүөмнээхтик саҕаланна

Кыстыкка бэлэмнэнэргэ тыа сиригэр олорор дьиэ хаһаайынын түбүгэ олус элбэх. Олортон ордук тыын суолталааҕа уһун кыһыны туоруурга, ыраас ууну иһэргэ — муус ылыыта.

Билигин муус ылыыта, идэһэ, муҥха курдук үлэ-хамнас күөстүү оргуйар. Бу барыта — саха төрүт дьарыга. Күһүммүт уһаан, сылаас күннэр тураннар муус халыҥаабакка үлэ арыый да хойутаан саҕаланан эрэр. Күөл, боротуока хаарын эрдэ күрдьэн муус халыҥыырын түргэтэтэн биэрэллэр.

Быйыл халлаан ичигэс буолан аҕалар оҕолорун, эһэлэр сиэннэрин илдьэ сылдьыылара  элбээбитэ киһини үөрдэр. Биһиги эмиэ оҕолорбутун муус ылыытыгар илдьэ сылдьан, саха үгэһин көрдөрдүбүт. Сибиэһэй салгыҥҥа сылдьан, элбэҕи билэн астыннылар.

Семен Аргунов

Читайте дальше