#ЯкутияВперед
Саха АССР тэриллибитэ 100 сылыгар анаан, өрөспүүбүлүкэбитигэр 100 саҥа автобус кэлбитигэр, МУП “ЯПАК” баазатыгар 203 нүөмэрдээх Дьокуускай-Нам-Хатырык хайысханан автобус маршрута олохтоммута.
Маныаха 2021 сылга “Куттала суох уонна хаачыстыбалаах айан суоллара” национальнай бырайыагынан Нам-Хатырык суолугар асфальт ууруллан түмүктэммитэ. 18 км уһуннаах суол аныгы ирдэбилгэ эппиэттээн сырдатыллан, тротуарданан, тохтобулланан саҥалыы оҥоһуллан хааччыллыбыта. Хатырык суолун оҥоһуута 24 сыл туруорсуллан, Махсыым Аммосов үбүлүөйүн баттаһа ситиһиллибитэ.
Любовь Татаринова, М.К. Аммосов аат. Хатырык орто оскуолатын учуутала:
Максим Аммосов дойдута Хатырыкпыт элбэх ыалдьыты көрсөр нэһилиэк буоларынан, суолбут оҥоһуллуохтааҕар эрэнэр этибит.
Билигин барыта сатанан, табыллан хаачыстыбалаах суол оҥоһуллааттын кытта Хатырык биллэ уларыйда. Асфальт кытыытынан күрүөнэн хаххаламмыт тротуарынан хаамарбыт куттала суох айан суола буоларын бигэргэтэр. Бэлиэлэр саҥардыллан уларыйдылар. Нэһилиэк саҕаланыаҕыттан бүтүөр диэри барыта лаампа уотунан сырдатылынна.
Учуутал киһи буоларым быһыытынан, 130 үөрэнээччилээх оскуолабыт оҕолоро суолу туоруулларыгар, кэлэллэригэр-баралларыгар бэлиэлэр саҥардылыннылар, сытар полицескайдар баар буоллулар.
Гравий суол эрдэҕинэ, олохтоохтор техника да тыаһыгар мэһэйдэтэр этибит. Онно эбии суол кытыытыгар олорооччулар быылга олорон кэллэхпит.
Дмитрий Дорофеев, суоппар:
Маҥнай 1972-74 сыллардаахха гравий суол оҥоһуллубутугар үөрүү-көтүү, айан суолунан кэлии-барыы. Онтон автобуһунан айанныыр кэмнэрбитигэр “асфальт суолланыахпыт” диэн өйгө да суоҕа, толкуйдаабат буоларбыт. Билиҥҥи асфальт биһиги саҕана оҥоһуллубута буоллар, “ырай олоҕо буолуо этэ” эрэ диирбитигэр тиийэбит. Чаҕылхай Махсыым Аммосов суоҕа буоллар, суол тутуута бытаарыа хааллаҕа. Ону бүгүҥҥү былаас дьоно сөпкө өйдөөн, билиҥҥи олох ирдэбилинэн, кэмэ кэлэн асфальт суол баар буолуутугар күүстэрин уурбуттарыгар улуус олохтоохторо махтанабыт.
Айаал Алексеев, Хатырык нэһилиэгин спортинструктора:
Бүгүҥҥү күҥҥэ Хатырыкпыт биллэ тубуста. Урут нэһилиэкпит уулуссатыгар биир-икки уот умайар эбит буоллаҕына, билигин хартыына атын – Улуу убайбыт Максим Аммосов дойдута Хатырык уотунан сандаарыччы тыган, сырдаан, саҥа асфальт ууруллан, куораттыҥы буола үүннэ, сайынна.
Суолбут оҥоһуллан Максим Аммосов аатын сүгэр СӨ государственноһын историятын музейыгар көрөөччү дьон кэлиитэ да элбээбит курдук. Суол баар буолбута бары өттүнэн туһалаах. Атыы-кутуу да өттүн ылан көрүөххэ. Суол – олох төрдө диэн маны ааттыыллара буолуо. Холобура, спорт эйгэтигэр үлэлиир буоламмын, билигин массыына буллубут да, 15-20 мүн. кииммитигэр, Намҥа баар буола түһэбит. Урут түргэтээбитэ 1 чааһынан айаннатан тиийэрбит.
2022 сылга, өрөгөйдөөх үбүлүөйдэр чэрчилэринэн, Саха сирин транспорын министерствота пассажирдар автобуһунан сөптөөх удамыр сыанаҕа айанныылларыгар субсидия көрөн, атырдьах ыйыттан 203 нүөмэрдээх маршруту үлэлэтэн саҕалаабыта. Бастаан рейс нэдиэлэҕэ иккитэ, оптуорунньукка уонна субуотаҕа оҥоһуллара. “Айан-транс” тэрилтэ тохтуоҕуттан, айан суолугар кэккэ уустуктары көрсөн, дьон транспорынан хото туһанан саҕалаабыта. Онон рейс уларыйан, автобус билигин күн аайы сылдьар, сырыы дьоҥҥо наадалаах өҥө буоларын көрдөрдө.
Быйыл сайын 203 нүөмэрдээх Дьокуускай-Нам-Хатырык хайысханан автобус сырыыта, мырааҥҥа суол оҥоһулларынан тохтуу сылдьыбыта. Удамыр сыаналаах автобус сырыытыгар дьон үөрэнэн, тохтобулу үөрэ истибэтэхтэрэ. Холобура, такси 500 солк. буоллаҕына, автобус Нам сэл. үһүс тохтобулугар диэри 230 солк. аҕалар. Көстөрүн курдук, сыана араастааһыта улахан. Биир ааҕааччыбыт маннык санаатын үллэстибиттээх.
Нам сэлиэнньэтин олохтооҕо, элбэх оҕолоох ийэ:
Дьокуускай-Нам автобуһугар үс киһиэхэ: икки оҕо, биир улахан киһи, 457 солк. төлөөтүм. Оҕоҕо 118 солк. 50 харчы эбит, улахан киһиэхэ 220 солк. Оттон Намтан куоракка кэлэрбитигэр таксига 1500 солк. төлөөн кэлбиппит. Олус улахан араастаһыы дии. Автобуска быдан барыыстаах эбит.
Онуоха атырдьах ыйын 21 күнүттэн автобус сырыыта сөргүтүлүннэ. Онон уһаабакка-кэҥээбэккэ, үөрэх дьылын баттаһа автобус сырыыта саҕаланна диэн дьон олус үөрдэ. Социальнай ситимнэрбитигэр
- “Наконец-то, автобус будет!”,” Ура!” диэн уруйдуу көрүстүлэр.
Автобус Дьокуускай автовокзалыттан күн аайы Хатырыкка диэри киэһээ 18 ч. 30 мүн.айанныыр. Аара нэһилиэктэргэ диэри дьону ылар, сыаната араас. Ол курдук, 1 Хомустаахха диэри 170 солк., Партизан – 185 солк., Никольскай – 200 солк., Хамаҕатта – 210 солк., Нам-1 – 220 солк., Нам-2 – 225 солк., Нам-3 – 230 солк., Аппааны – 245 солк., Кыһыл Дэриэбинэ – 250 солк., Бөтүҥ – 260 солк., Модут – 290 солк., Хатырык-1-2 – 325 солк., Хатырык-3 – 330 солк., улахан кээмэйдээх таһаҕас иһин эбии 55 солк. төлөнөр. Оттон Хатырыктан сарсыарда 8 ч.00 турунар. Айан иһин төлөбүрү тута суоппары кытта аахсыллар.
Дьэ, бу курдук, маршрут урукку курдук бигэтик олохтонон, улууска автобус сырыыта саҥалыы сайдарыгар эрэниэххэ. Онуоха “Куттала суох уонна хаачыстыбалаах айан суоллара” национальнай бырайыагынан улууспутугар суоллар сыллата оҥоһуллан айанныырга усулуобуйа тэриллэр.
Дьокуускай автовокзалын каассатыгар эрийэн сиһилии информацияны 8 (411) 2-35-53-55 нүөмэргэ билсиҥ. Манна, Намҥа, диспетчерскэй сулууспа, каасса суох.
Лена Ноговицына