Нам улууһугар «Саргылаах дойду» акция ыытылынна

Саха биллиилээх поэта, суруйааччы, тылбаасчыт, ССРС суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ Илья Дорофеевич Винокуров — Чаҕылҕан төрөөбүтэ 110 сылыгар анаммыт  тэрээһиннэр ыытыллаллар. Бу бэлиэ үбүлүөйдээх сыл чэрчитинэн,  «Саргылаах дойду» кинигэ тахсыбыта 80 сылыгар олоҕуран  ыам ыйын 7 күнүгэр – биир күҥҥэ улуус библиотекалара акция тэрийэн ыыттылар.

Акция сыала-соруга — суруйааччы олоҕун, айымньытын дьоҥҥо-сэргэҕэ, кэнчээри ыччаттарбытыгар, ааҕааччыларбытыгар сырдатар, кэпсиир аналлаах.  «Саргылаах дойду» кинигэ Аҕа дойду сэрии сылыгар, 1944 с.  Саха сиринээҕи судаарыстыбаннай кинигэ кыһатыгар бэчээттэммитэ. Бу кун библиотека улэһиттэрэ үгүс интэриэһинэй тэрээһиннэри ыыттылар.

l Хомустаах  «Эйгэ» саҥа көлүөнэ модельнай библиотеката (сэб. Жиркова Н.Д. сүрүннүүр библиотекарь Сивцева Л.П.):

Дьиэ кэргэн сылыгар аналлаах «Кыайыы үрдүк өрөгөйө Хайыһарга иһиллэр» медиауруок-турнир алын сүһүөх кылаас үөрэнээччилэригэр уонна төрөппүттэригэр ыытылынна. Уруокка «Саргылаах дойду» кинигэ, кыайыыга кынаттаабыт  «Хайыһар ырыа» историята сиһилии кэпсэннэ, «Уот сэрии кэмигэр эрэли үөскэппит аатырбыт -хайыһар»⁠ интеллектуальнай  оонньууга 8 хамаанда бэрт көхтөөхтүк кыттан элбэҕи билэн-көрөн тарҕастылар.

«Улыбка» оҕо уһуйаанын коллектива «Саргылаах дойду» хоһоону хомоҕой тылынан уус-ураннык ааҕан, видеоҕа уһулан акцияҕа кыттыстылар.

Үөдэй библиотеката (сэб. э.т. Сидорова К. С.):  И. Д. Винокуров-Чаҕылҕан олоҕор, айар үлэтигэр аналлаах «Чаҕылхай поэт Чаҕылҕан» медиауруок, кинигэ быыстапката турда. «Мин улууһум киһитэ» — хоһоон геройа Кутуков Роман Гаврильевич туһунан  презентационнай архив матырыйаалын туһанан оскуола үөрэнээччилэригэр  билиһиннэрэн, хоьоону доргуччу ааҕан иһитиннэрдилэр.

М. А. Охлопкова аат. Хатырык модельнай библиотеката (сэб. Антонова У.Н., сүрүннүүр библиотекарь Местникова Т.А.): «Чаҕылҕан чаҕылхай талаана» литературнай марафон (10, 8, 6 кылаастар кыттыыны ыллылар, учуутал Готовцева З.Н.). Оҕолор суруйааччы олоҕун, айар үлэтин билсистилэр, хоһоонноруттан доргуччу уус-ураннык ааҕан иһитиннэрдилэр, уруок түмүгэр «Хайыһар» ырыатын нэһилиэк пенсионердарын кытта бииргэ ыллаан ньиргиттилэр (предс. Дьяконова С.В.).

Көбөкөн библиотеката (сэб. Барамыгина Ф. Ю.): Көбөкөн орто оскуолатын 3 кылааһын үөрэнээччилэрэ «Хайыһар» хоһоону кэрчиктэринэн уруһуйдаан, ис хоһоонун өссө сиһилии билсэн, ол түмүгүнэн быыстапка тэриллэн дуоһуйан-астынан тарҕастылар.

Арбын библиотеката (сэб. Иванова А.Н.): Тэрилтэ салайааччылара, пенсионердар «Саргылаах дойду» кинигэттэн уус-ураннык, доргуччу хоһооннору аахтылар, оскуола үөрэнээччилэрэ «Хайыһар» ырыатын ыллаан түмсэн туран бары бииргэ ыллаатылар.

Ол курдук нэһилиэк библиотекалара интэриэһинэй ис хоһоонноох тэрээһиннэри ыытан  «Саргылаах дойду» кинигэни билиһиннэрдилэр (кинигэ быыстапката, литературнай уруоктар, хоһооннору доргуччу ааҕыы о.д.а.). Акция түмүгүнэн барыта  274 (оҕо, улахан киһи) кыттыыны ыллылар.

Биир дойдулаахпыт, «Биһиги улууспут киһитэ» диэн киэн тутта кэпсиир суруйааччыбыт И.Д.Винокуров-Чаҕылҕан үтүө аата сыллары-дьыллары уҥуордаан ааҕааччылардаах буоллун диэн туран төрөөбүт тылбытынан суруллубут кинигэлэри ааҕыаххайыҥ диэн ыҥырабыт.

Наталья Павлова, ааҕааччыны кытта үлэлиир отдел сэбиэдиссэйэ

 

Читайте дальше