Нам улууһугар от ыйын 15 күнүттэн дьэдьэни хомуйуу сокуонунан олохтоммут болдьоҕо саҕаланна.
Намнааҕы ойуур хаһаайыстыбата иһитиннэрэринэн, дьэдьэни хомуйуу -15.07
Кыһыл хаптаҕас — 22.07
Сугун-29.07
Хара хаптаҕас — 12.08
Отон — 26.08
Тэллэйгэ хаарчах суох. Ол гынан баран, үүнэн турар тэллэйи силиһин алдьаппака, быһаҕынан быһан ылары умнумаҥ.
Сир астааччылар ойуурга хаарчаҕа суох сылдьыахтарын сөп, ол иһигэр арендаламмыт ойуур пуондатын учаастагар сылдьаллара эмиэ көҥүллэнэр.
Сир аһын атыыга-эргиэҥҥэ анаан хомуйар буоллаххытына, ойуур хаһаайыстыбатын сокуонунан ойуур учаастагар аренда дуогабара түһэрсиллиэхтээҕин Намнааҕы хаһаайыстыба санатар.
Сир астыы сылдьан кутаа оттор, күөстэнэр кытаанахтык бобуллар! Бөххүтүн ойуурга хаалларар көҥүллэммэт!
«Эҥсиэли» хаһыат