Нам улууһугар Судаарыстыбаннас күнүн көрсө

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Судаарыстыбыннаһын күнүн көрсө, Нам улууһун Хатыҥ Арыы нэһилиэгэр И.Е. Винокуров скверигэр, Хатырыкка М.К. Аммосов пааматынньыгар үөрүүлээх тэрээһиннэр буоллулар.

Бэлиэ күҥҥэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин Правительствотын Председателин солбуйааччыта Георгий Михайлович Степанов, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэн Судаарыстыбыннай мунньаҕын Бэрэссэдээтэлин солбуйааччы, Ил Түмэн судаарыстыба тутулугар уонна сокуону оҥорууга сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Афанасий Семенович Владимиров, «Нам улууһа» муниципальнай тэриллии баһылыга Юрий Иннокентьевич Слепцов, Нам улууһун депутата Артур Артурович Иванов, Ил Түмэн депутаттара, нэһилиэк баһылыктара, тэрилтэлэр салайааччылара, общественность кыттыыны ыллылар.

Бу күн Бастакылар хамсааһыннара «Мы граждане России» бырайыагынан аҕыс оҕо паспорт ылла.

Бу бэлиэ күн бүттүүн норуот сомоҕолоһуутун, түмсүүтүн туоһута буолар. Уруй-айхал буолуохтун, Сахабыт сиригэр бастакы государственнай тутулу – Саха автономнай республикатын олохтообут дьоммутугар: Максим Кирович Аммосовка, Платон Алексеевич Ойуунускайга, Исидор Никифорович Бараховка, Степан Васильевич Васильевка, Степан Максимович Аржаковка уонна кинилэри кытта кэккэлэһэ үлэлэспит, Саха сирин саргытын туһугар көлөһүннэрин-хааннарын тохпут, олохторун толук уурбут дьоммутугар! Туругурдун Россия ньыгыл кэккэлээх, эрэллээх тирэҕэ – Саха Өрөспүүбүлүкэтэ!

Читайте дальше