Нам улууһугар тыа хаһаайыстыбатын инники сайдыытын тула мунньахтаатылар

Нам улууһун баһылыга Юрий Слепцов алтынньы 4 күнүгэр киэҥ ыҥырыылаах мунньаҕар тыа хаһаайыстыбатын инники сайдыытын боппуруостара көрүллүбүттэр. Бу туһунан «Нам улууһа» МТ пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

Мунньахха улуус баһылыгын солбуйааччы Филипп Николаев, нэһилиэктэр баһылыктара, тыа хаһаайыстыбатын управлениетын специалистара, хаһаайыстыбалар салайааччылара, дьаһалта эппиэттээх үлэһиттэрэ кыттыыны ылбыттар. Улуустааҕы тыа хаһаайыстыбатын управлениетын салайааччыта Владимир Макаров 9 ый түмүгүнэн бу эйгэ салаатыгар ыытыллыбыт үлэлэр, былааннар туолууларын, саҥа тутуулар тустарынан кылгас дакылаат оҥорбут. «Сигма» ХЭТ салайааччыта Светлана Амбросьева Нам улууһугар тыа хаһаайыстыбатын инники сайдыытыгар туһааннаах саҥа стратегическай былаан оҥоһулла сылдьарын билиһиннэрбит.

Юрий Иннокентьевич тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын оҥорон таһаарааччылар инники сайдыыларыгар улахан болҕомто уурулларын, республика уонна улуус салалтатын өттүттэн араас таһымнаах көмө оҥоһулларын бэлиэтээбит. Сири бэрээдэктээһин, племенной, зооветеринарнай, искусственнай сиэмэлээһин үлэлэрин ыытыы, кооперативтары тэрийии уопутун киэҥник туһанан сөптөөхтүк тэринии, кормоцех тутуутун, наука ситиһиилэрин үлэҕэ сыһыаран туһаныы, саҥаны киллэрии, тыа хаһаайыстыбатын салаатыгар өр сылларга үлэлээбит үлэ бэтэрээннэрин шефствоҕа ылан көмөлөһүү, өйөөһүн, бастыҥ үлэлээх ыанньыксыттары, механизатордары, булчуттары, сүөһү үлэһиттэрин уо.д.а ыччакка холобур оҥоруу, чиэстээһин туһунан боппуруостары көтөхпүт. Араас таһымнаах уонна суумалаах субсидиянан туһаммыт бааһынай хаһаайыстыбалар үлэлэрэ-хамнастара туох түмүктээҕин уонна таһаарыылааҕын ырытан көрүүнү сорудахтаабыт. Дьиэ кэргэн экономикатын сайыннарыы, өйүүр программаны салгыы үлэлэтэн, түргэнник ситэр салааны — сибиинньэ, куурусса, о.д.а. дьиэ көтөрдөрүн иитиитинэн дьарыктаныыны киэҥ хабааннаахтык ыытыыга үлэлииргэ ыҥырбыт.

Нэһилиэк баһылыктара, тэрилтэ салайааччылара кэпсэтиигэ көхтөөхтүк кыттыбыттар, нэһилиэктэригэр, тэрилтэлэригэр ыытыллар үлэлэр тустарынан иһитиннэрии оҥорбуттар, ыйытыылары биэрбиттэр.

Улуус баһылыгын солбуйааччы Филипп Николаев нэһилиэктэр баһылыктарыгар туһаайан «О побочных продуктах животноводства” (балбаах сокуонугар) баар ирдэбиллэри толорорго билиҥҥиттэн үлэ тэрээһинин саҕалыылларыгар эппит. Ону таһынан, өлгөм үүнүүнү ылар туһугар бааһыналары паардааһын, уоҕурдууну туттуу үлэлэри былааннаахтык уонна наукаҕа тирэҕирэн үлэлииллэригэр баҕарда. Сүөһү иитиитинэн дьарыктанар хаһаайыстыбалар племенной үлэни сайыннарыыга уонна күүһүрдүүгэ үлэлииллэрин улахан болҕомтоҕо ылалларын этэн туран, хонтуруолга тутун диэбит. Ыалдьан өлбүт сүөһүлэри, кыыллары сокуоҥҥа олоҕуран утилизациялаан, биологическай тобохторун харайар дьаамалары күрүөлээн-хаһаалаан сөргүтүү, көһөрүү үлэлэрин былааннаахтык ыыталларыгар сорудахтаабыт. Тыа хаһаайыстыбатыгар туһаныллар сирдэри нэһилиэктэр муниципальнай автономнай учреждениеларыгар (МАУ-ларга) сыһыаран, дьаһалта иһинэн кэтэх хаһаайыстыбалары тэрийиини үөрэтэн, былааннаах үлэни ыытары сүбэлээбит. Тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын оҥорон таһаарыы былааннарын толорууга уонна оҥоһулла сылдьар стратегическай былааҥҥа тустаах болҕомто ууран үлэлэһэллэригэр, кыттыһалларыгар, бэйэлэрин этиилэрин киллэрэллэригэр ыҥырбыт.
Мунньах түмүгүнэн  боротокуол толорулунна.

«Эҥсиэли» хаһыат

Хаартыскалар: «Нам улууһа» МТ пресс-сулууспата

Читайте дальше