Нам улууһугар Үрүҥ торуоска күннэрэ түмүктэннилэр

Бүтүн Арассыыйатааҕы көрбөттөр обществоларын өрөспүүбүлүкэтээҕи тэрилтэтин Намнааҕы салаатын дьиэтигэр мөлтөхтүк көрөр дьон ыйын түмүктүүр бэрт сэмэй, истиҥ-иһирэх, улахан күүрээнэ (пафос) суох тэрээһин ыытылынна.

Общество председателэ Алексей Соловьев кэлбит дьону үөрэ-көтө көрсөн, сыл түмүктэрин, үлэ-хамнас хаамыытын кэпсээтэ. Өрөспүүбүлүкэтээҕи психологическай киин Намнааҕы салаатын үлэһиттэрэ трениннэри ыытыллар. Ол курдук, мустубут дьон сөпкө тыынарга үөрэннилэр, бэйэ-бэйэлэригэр истиҥ тыллары этэн сэргэхсийдилэр. Ол кэнниттэн Намнааҕы поликлиника окулист кабинетын медицинскэй сиэстэрэтэ сүбэ-ама биэрдэ, киин библиотека үлэһитэ мөлтөхтүк көрөр дьоҥҥо анаммыт кинигэлэр туһунан кэпсээтэ. Намнааҕы көрбөттөр обществоларын улууска, өрөспүүбүлүкэҕэ ааттатар көхтөөх чилиэннэрэ уонна түмсүүнү кытта үлэлэспит дьон наҕараадаланнылар. А. Шестаков аатынан норуот айымньытын киинин үлэһиттэрэ эҕэрдэ нүөмэрдэри көрдөрдүлэр.

— “Үрүҥ торуоска” акция ааспыт сылларга тыастаахтык-уустаахтык, өрө көтөҕүллүүлээхтик ыытыллар эбит буоллаҕына, быйыл ыарыыларынан, СВО-нан сибээстээн чуумпутук барда. Улахан тэрээһиммит – оскуолаларынан сылдьан “Уроки добра” кылаас чаастарын ыыттыбыт. Улуустааҕы үөрэх управлениета бэлиэтииринэн, бу уруоктарбытыгар 530 оҕо кыттыбыт. Маны тэҥэ, улуустааҕы киин библиотеканы кытта Намнааҕы 2-с №-дээх оскуола 7-8-с кылаас үөрэнээччилэригэр уонна Граф Биэрэгэр баар Намнааҕы техникумҥа үтүө уруоктарбытын эмиэ ыттыбыт. Онон бу тэрээһиммитинэн уопсайа, быһа холоон, 570 киһини хаптыбыт.

 

Бу үлэлиир дьиэбит кыһынын олус тымныы. Былырыыҥҥыттан туруорсан, дьэ, бу аҕыйах хонуктааҕыта дьиэбитигэр кыра өрөмүөн үлэтэ барда. Ол курдук, 300 тыһ. солк. суумалаах харчы көрүллэн, сабараанньа оҥордулар, истиэнэни көннөрдүлэр уонна өссө түннүктэри көрөн өрөмүөннүөхтээхтэр. Билиҥҥи туругунан дьиэбит сылыйда, кыһын 50 кыраадыс тымныыларга хайдах буоларын көрүөхпүт.

 

Быйыл Дьокуускайдааҕы көрбөт дьон обществота 85 сылын туолан, Саха тыйаатырыгар үбүлүөйдээх тэрээһиннэрин оҥордулар. Биһиги түмсүүбүт 2026 сылга 75 сылын туолар, оттон 2025 сылга Бүтүн Арассыйатааҕы обществобыт тэриллибитэ 100 сыла буолар. Харахтарынан инбэлииттэргэ аналлаах общественнай түмсүү саамай саастаах уонна уордьаннаах общество буолар, онон биһиги киэн туттуохпутун наада.

 

Статисика көрдөрөрүнэн, Аан дойду үрдүнэн көрбөт дьон ахсаана элбээн иһэр. Арассыыйаҕа 220 тыһ. кэриҥэ, оттон Саха сиригэр 3 тыһ. тахса көрбөт уонна харахтарынан мөлтөх дьон бааллар. Бүтүн Арассыыйатааҕы көрбөттөр обществоларын өрөспүүбүлүкэтээҕи тэрилтэтин Намнааҕы салаатыгар, бу дьыл алтынньы 1 күнүн туругунан, 62 чилиэн ааҕыллар. Оттон улуус үрдүнэн харахтарынан инбэлиит 80-ча киһи баар. Маны сэргэ, хараҕынан инбэлиит 17 оҕо баар, — диэн Алексей Соловьев кэпсээтэ.

 

Киһи дууһатын таарыйар тэрээһин хото астаах остуолга олорон ирэ-хоро кэпсэтиинэн түмүктэннэ. Бу тэрээһин туһунан сорох истэн эрэ кэбиһэн, халааҥҥа тыгар сулустары одуулуо, оттон кимиэхэ эрэ сүрэҕэр, дууһатыгар эрэл кыымын эбэн, халлааҥҥа сатаан көрбөт “чаҕылхай сулуһа” буолан суолун сырдата туруоҕа…

Видеону көр: https://t.me/gazetaensieli/13675

Майя Федорова