Бу күннэргэ «Эрэл» ТХПК оҥорон таһаарар үрүҥ ас сыанатын үрдэтэн аҕам саастаах биэнсийэлээх дьон айманнылар. Холобурун ылан көрөр эбит буоллахха, чөчөгөй (сметана) 170 солк. эбит буоллаҕына билигин 190 солк, сүөгэй (сливки) 195 солк. этэ, билигин 220 солк. буолбут.
«Кыһыҥҥы кэмҥэ үүт туттарыыта аччыыр, былаан кыччыыр, онон сыананы арыый да үрдэтэбит. Маннык сыл аайы буолар. Үүт дэлэйэр кэмигэр, муус устартан, үрүҥ ас сыаната түһүөҕэ», — диэн сыана тоҕо үрдээбитин туһунан дириэктэр Ньургун Гуляев бу курдук быһаарда.
Бу ыйга идэһэ өлөрүүтэ үгэннээн турар кэмэ. Хаһаайыстыбата, сүөһүтэ-сылгыта суох дьон хайдах да гыммыт иһин, кыыдааннаах уһун кыһыны туоруурга эт атыылаһар түбүгэр сылдьаллар.
Бүгүн Нам улууһун киинигэр эт атыылыыр маҕаһыыннарга сылдьан сыаналарын көрдүбүт. Ол курдук, «Ассоль» атыы-эргиэн киинигэр бэйэ бородууктатын атыылыыр лааппыга Модут сиригэр-уотугар төлөһүйбүт убаһа ойоҕоһун сыаната киилэтэ — 1100 солк., куҥ этэ — 1000 солк., уҥуохтааҕа — 750 солк., убаһа иһин нобуора киилэтэ 900 солк. Манна Искра алааһыгар мэччийбит сүөһү этэ 650-750 солк. эбит. Таһырдьа атыылыыр дьон суох, ардыгар эрэ кэлээччилэр диэтилэр. «Талба» ырыынак тиэргэнигэр баар «Мясная лавка» лааппыга Алтайтан аҕалыллыбыт сүөһү этэ, тыла, быара о.д.а. атыыга баар. Эт сыаната 630 солк., уҥуохтааҕа — 530 солк. «Эрэл» ТХПК «ЭРЭЛ-ЭКО» маҕаһыыныгар эт атыыга суох.
Билигин хаһаайыстыбалаах дьон оҥорон таһаарар бородууксуйабыт, аспыт-үөлбүт, эппит атыыга дэбигис бардын диэн куйаар ситимигэр биллэрии ыытан атыылыыр үгэстэннилэр. Ол эрээри эти миэстэнэн батараллар. Ортотунан сүөһү холун — 700 солк., буутун — 750 солк., кырбаммыт иһи — 400 солк. атыылыллар эбит. Убаһа холо — 700, буута — 750 солк.
Семен Аргунов