Бөтүҥ нэһилиэгэр Семен Петрович Оконешников аатынан “Айылгы” культурнай киин (дир. Винокурова И.С.) уонна олохтоох модельнай библиотека (сэб. Колесова В.С.) көҕүлээһиннэринэн, аан маҥнайгытын оҕолорго аналлаах «Олоҥхо омуннаах суолунан» күрэс ыытылынна.
Саха республикатыгар Олоҥхо декадатын чэрчитинэн буолбут күрэскэ олоҥхону биирдиилээн уонна бөлөҕүнэн толорооччулар кытыннылар. Сүрүн сыалынан олоҥхону толорооччулары түмэн истии, олоҥхону үйэтитиигэ үлэлэһэр дьону түмүү, эдэр толорооччулары көҕүлээһин, төрүт үгэһинэн толорууну сөргүтүү, үйэтитии, утумнааһын, олоҥхону бөлөҕүнэн толоруу ньыматын баһылааһын, маастарыстыбатын үрдэтии буолар.
Күрэһи улуустааҕы А.Ф.Шестаков аатынан норуот айымньытын киинин кэпсэтии жанрын куруһуогун салайааччыта, республиканскай олоҥхо толорооччулар күрэстэрин кыайыылааҕа Вера Прокопьевна Цыпандина, Партизан нэһилиэгин “Хомус” фольклор дьиэтин “Дьүрүл” норуодунай ансаамбыл уус-уран салайааччыта, СР культуратын туйгуна Мария Дмитриевна Аргунова, импровизатор-хомусчут, Намнааҕы З.П.Винокуров аатынан оҕо искусствотын оскуолатын фольклор кылааһын преподавателэ Сахаайа Владимировна Колодезникова састааптаах дьүүллүүр сүбэ сыаналаата.
Түмүккэ уһуйаан саастаах оҕолорго бөлөҕүнэн толорууга 1-кы үрдэли – Хатыҥ-Арыы нэһилиэгин 2-с №-дээх «Сандаара» уһуйаан «Кустук» фольклорнай бөлөҕө (сал.Эверстова Л.П., Ноева С.А., Посельская А.А.), 2-с үрдэли Нам с. 7-с №-дээх “Туллукчаан” оҕону сайыннарар киин улахан бөлөҕө (сал.Охлопкова Л.И., Попова Н.С.), 3-с үрдэли Партизан нэһилиэгин “Кустук” оҕо уһуйаанын “Күн бытархайа” драм.театр иитиллээччилэрэ (сал.Мордосова С.И., Григорьева У.С.) ыллылар. Биирдиилээн толорооччуларга Партизан нэһилиэгиттэн Сахайаар Рыкунов биһирэбил бирииһинэн наҕараадаланна.
Алын кылаас үөрэнээччилэригэр бөлөҕүнэн толорууга 1-кы үрдэли Нам сэлиэнньэтиттэн “Дьэргэлгэн” фольклорнай бөлөх (сал.Цыпандина В.П.), орто уонна улахан кылаас үөрэнээччилэригэр 1-кы үрдэли Нам сэлиэнньэтин “Түөлбэ” оҕо киинин “Дьырылы” фольклорнай бөлөҕүн иитиллээччитэ Эвилья Шадрина (сал.Уваровская Т.С., Тихонова З.А.), 2-с үрдэли Нам 1-кы №-дээх орто оскуолатын үөрэнээччитэ Иван Винокуров (сал.Маркова Е.К.) уонна 3-с үрдэли Бөтүҥ орто оскуолатын үөрэнээччитэ Зарина Яковлева (сал.Осипова М.М.) ылан сыаналаах бириистэринэн наҕараадаланнылар.
Бу күрэскэ спонсор быһыытынан бэйэлэрин анал бириистэрин туруордулар – биллиилээх олоҥхоһуттар В.Н.Попов – Бочоох уонна Г.С.Кычкин – Хабыанньа аймахтара, П.П.Ядрихинскай – Бэдьээлэ аатынан улуустааҕы Олоҥхо Дьиэтэ (дир.Колпашникова В.В.), С.П.Оконешников аатынан “Айылгы” КК, олохтоох модельнай библиотека, “Ай-Тыл” эдэр олоҥхоһуттар бөлөхтөрө, “Фудмания” (ИП Дмитриева Л.В.), “Сунами” (ИП Жирков Е.В.), “Папина кухня” (ген.дир. Федосеева В.А.) кафелар. Тэрийээччилэр ааттарыттан олоҥхо толорооччулар күрэстэрин өйөөбүт дьоммутугар, бары кыттааччыларга, салайааччыларга истиҥник махтанан туран бары кэрэни, сырдыгы, үтүөнү баҕарабыт.
Инникитин бу күрэс сыл аайы ыытыллан, үгүс кыттааччылары хабан, таһыма үрдээн иһиэ диэн эрэнэбит.
Мариянна Данилова,
С.П.Оконешников аатынан “Айылгы” КК
уус-уран салайааччыта