Нам улууһун дьиэ кэргэттэрэ — сүүрүү суолугар

Намҥа улууспут дьиэ кэргэттэрэ бүгүн «Эҥсиэли» стадиоҥҥа «Семейный забег» тэрээһиҥҥэ көрүстүлэр. Улуустааҕы дьиэ кэргэн уонна ыччат политикатын отделын көҕүлээһининэн, дьиэ кэргэнинэн сибиэһэй салгыҥҥа аан маҥнайгыларын сүүрдүлэр.

Бүгүн күн туруон турда. Ол курдук, намнар нэһилиэк күнүн бэлиэтииллэр, оттон спорду кытта доҕордоһор ыаллар стадиоҥҥа мусталлар.

Александр Игнатьев аатынан «Эҥсиэли» стадиоҥҥа Нам улууһа киэн туттар ыала Нария, Сергей Семеновтар оҕолорунаан сүүрдүлэр. Семеновтар кыра кыыстара Сияна «Саамай кыра саастаах кыттааччы» анал аат ылбыт.

«Сүүрүүгэ 10 иһинэн дьиэ кэргэн кэлбит. Улууспутугар дьиэ кэргэттэргэ аналлаах бастакытын ыытыллар тэрээһини астынныбыт. Оҕолорбут дьарыктанар буоланнар чэпчэкитик ылыннылар. Олох бэккэ сүүрдүлэр диэн ийэ, Аҕа үөрдүбүт. Бэйэбит 1,6 саастаах кыра кыыспыт Сиянаны кытта кэлээскэлээх сүүрдүбүт», — диэн кэпсиир ыал ийэтэ Нария Семенова.

Харысхан Попов

Читайте дальше