Нам улууһун Искра нэһилиэгэр хаарбах туруктаах дьиэ бүттэ

Бүгүн, ахсынньы 15 күнүгэр, Искра нэһилиэгэр иккис саҥа, элбэх квартиралаах, таас дьиэ үлэҕэ киирдэ. Ол курдук, «Жилье и городская среда» национальнай бырайыак чэрчитинэн, «Хаарбах уонна саахалланар туруктаах дьиэлэртэн дьону көһөрүү» республикатааҕы аадырыстаммыт программанан 6 квартиралаах, толору хааччыллыылаах саҥа таас дьиэ үөрүүлээх аһыллыыта буолла.

Уопсайа 263,78 кв. м иэннээх тутуу үлэтин урбаанньыт Виталий Марков сүрүннээтэ. Дьиэ бары ирдэбилгэ эппиэттиир, сылаас, сырдык, таһырдьа оҕо оонньуур былаһаакката тутуллан барыта бэлэм.


Саҥа дьиэ аалай лиэнтэтин улуус баһылыга Юрий Слепцов, Искра нэһилиэгин баһылыга Матрена Дьяконова уонна урбаанньыт Виталий Марков быстылар. Ол кэннэ сахалыы сиэринэн алгысчыт Петр Охлопков уот оттон, сыт таһааран, кымыһынан айах тутан, алаадьынан күндүлээн айыылартан көрдөстө.

Юрий Иннокентьевич уонна Матрена Ивановна саҥа хаһаайыттары эҕэрдэлээн туран, тутуу үлэтигэр үлэлээбит-хамнаабыт дьоҥҥо махтал, эҕэрдэ суруктарын туттардылар. Салгыы Виталий Револьевич хаһаайыттарга күлүүстэрин уонна сэмэй бэлэхтэрин туттарда.

Искра нэһилиэгэр манан хаарбах туруктаах дьиэ бүппүтүн олохтоохтор үөрэ иһиттилэр. Бу барыта үөһэ салалтаттан саҕалаан бары түмсэн, үлэни-хамнаһы сөпкө ыытан, элбэх кэпсэтии, быһаарсыы кэнниттэн ситиһиллэрэ саарбаҕа суох.

Саҥа дьиэлэммит биир дойдулаахтарбытыгар эҕэрдэбитин тиэрдэбит, дьиэҕит-уоккут сылаас, ыраас буоллун.

Анна Созонова

Читайте дальше