Нам улууһун ийэлэрэ, түмсүүлэрэ ыам ыйын 30 күнүгэр П.П. Ядрихинскай-Бэдьээлэ аатынан Намнааҕы Олоҥхо дьиэтигэр “Ньургуһун” дьахтар кулууба “Ис сүрэхтэн кэпсэтии” тэрээһинигэр кыттыыны ылбыттара.
Тэрээһини “Ньургуһун” кулууп кыргыттара “Ньургуһуннар” ырыанан арыйбыта.
“Ньургуһун” кулууп ыытар тэрээһинэ кыргыттар бэйэлэрин курдук истиҥ, сырдык, кэрэ эйгэлээх. Бэлиэтээн эттэххэ, кулун тутар ыйга “Айталы” түмсүү “Ийэ – ыал ымыыта” диэн ааттаах бэйэтин улахан тэрээһинигэр “Ньургуһун” кулууп кыргыттарыгар ыҥырыы бырахпыта. Ону ылынан, кулууппут кыргыттара бүгүн улууспут бары дьахтар түмсүүлэрин түмэн билсиһэ истиҥ кэпсэтиигэ ыҥырдылар.
“Ньургуһун” кулууп туһунан кылгастык, 2016 сыллаахха олохтоох дьаһалта тэрийиитинэн төрөппүттэр кыттыылаах төгүрүк остуол буолбута. Аһаҕастык эттэххэ, ол күн үгүстэрэ ыарахан балаһыанньаҕа түбэспит ийэлэр кэлбиттэрэ. Тоҥ буору тобулан ньургуһун сибэкки курдук ыараханнары аһардан, ньургуһун сибэкки курдук күҥҥэ, сырдыкка, сылааска, олох кэрэтигэр талаһабыт диэн санааттан “Ньургуһун” диэн аат ылыллыбыта.
2019 сыллаахха кулууп үлэлээн-хамсаан барбыта. Биһиэхэ тэрилтэлэртэн анал идэлээх психологтар, социальнай педагогтар күүс-көмө буолбуттара. Ыҥырыылаах ыалдьыттарбыт кэккэлэригэр кулууп бастакы психологтара бааллар: Элеонора Михайловна Павлова, Наталья Владимировна Ядрихинская, Анна Сергеевна Васильева, Елизавета Петровна Стручкова. Билигин кулууппут кыргыттарын кытта психолог Арина Степановна Егорова уонна социальнай педагог Нюргуяна Михайловна Аргунова күүскэ үлэлииллэр.
Ону тэҥэ, улуустааҕы дьиэ кэргэн уонна ыччат отделын салайааччыта Евстафьева Екатерина Сергеевна “Ньургуһун” кулуупка эмиэ сыһыаннаах киһи. Ол курдук, дьахталлар түмсүүлэрэ сайдарыгар икки сыл устата ыытыллар бырайыак сүрүн бирииһин туруорар спонсарбыт буолар.
Аныгы кэмҥэ уопсастыбаҕа дьахтар оруола үрдээбитин бары билэбит. “Матриархат” диэн тылы төһө элбэхтик истэҕитий куннээҕи олоххо, үлэҕэ? Ол ырылхайдык көстөр: дьахталлар бары эйгэҕэ эр дьону кытта тэҥҥэ үлэлииллэр – салайааччылар, общественниктар, урбаанньыттар уо.д.а. Онтон хас биирдиибит, бастатан туран, ийэ буолар.
Улууспут инники аатын ааттатар кэнчээри оҕолорбутугар хайдах гынан дьахталлар түмсүүлэрэ болҕомто ууруохпутун сөбүй? Манна мустан олорооччулар, дьахталлар түмсүүлэрэ: улуустааҕы дьахтар сэбиэтэ (сал. Находкина И.С.), улуустааҕы “Матери России” түмсүү (сал. Рожина М.Д.), Ленскэй нэһилиэк холбоһуктаах дьахталларын түмсүүлэрэ (сал. Дураева М.И.), Хатыҥ-Арыы нэһилиэгин “Далбар” дьахтар сэбиэтэ (сал. Мальцева Д.И. ), Граф Биэрэктэн дьахтар түмсүүтэ (Петрова Л.П.), Хамаҕатта “Тупсууна” дьахтар түмсүүтэ (сал. Индеева С.Р.) оҕоҕо болҕомто уурары үрдэтэр сыалтан бииргэ үлэлииргэ бэлэмнэрин эттилэр уонна түмүгэр резолюция ылыннылар.
1. Оҕо уонна төрөппүт бииргэ кыттыылаах маастар-кылаастары, күрэхтэри, сынньалаҥнары тэрийии;
2. Төрөппүт оҕоҕо болҕомто уурарын пропагандалыыр баннердары, плакаттары нэһилиэнньэ аайы ыйааһын, СМИ-нэн сырдатыы;
3. Видеоролик устан киэҥ араҥаҕа тарҕатыы;
4. Төрөөбүт дойдуну харыстыырга ыҥырааһын үлэлэрэ: күрэхтэр, квест-оонньуулар, айылҕаҕа тахсыылар, баннердар, плакаттар, СМИ-нэн сырдатыы;
5. Төрөппүт уонна оҕо бииргэ үлэлииллэригэр субуотунньуктары тэрийии;
6. Бэйэ опытыттан нэһилиэнньэлэргэ төрөппүт оҕотун иитэригэр кэккэ ыарахаттары көрсөр диэн билинэн төрөппүттэргэ ликбезтары ыытарга;
7. Нэһилиэнньэлэр кэккэ кыһылаҕаларын учуоттаан, ону бүттүүн уопсастыба кыһалҕата буоларын учуоттаан улуус таһымнаах форум ыытарга.
Улууспут дьахталларын түмсүүлэрэ! Чахчы да, дьахталлар түмсүүлээхпит. Чахчы, дьахтар тулалыыр эйгэни уларытар сүдү күүстээх. Чахчы да, дьахтар бүтүн норуоту иитэн таһаарар диэн бигэ эрэллээхпит. Дьахтар ылыстаҕына, тиһэҕэр тиэрдэр диэн туран улууспут сайдарыгар олус туһалаах тэрээһин буолла.
Дьэ, доҕоттор, маннык этиигэ санааҕытын истиэхпин баҕарабын. Дириҥник өйдөөтөххө, кыыс, дьахтар өйө-санаата – норуот чөл буолуутун, уопсастыба бигэ туругун мэктиэтэ.
Аныгы кэмҥэ уопсастыбаҕа дьахтар оруола үрдээбитин бары билэбит. “Матриархат” диэн өйдөбүл биһиги олохпутугар бигэтик киирдэ. Ол олус ырылхайдык көстөр: кыргыттар, дьахталлар үрдүк үөрэхтэнэн, бары эйгэҕэ эр дьону кытары тэҥҥэ үлэлииллэр. Бу этиилэри кытта төһө сөбүлэһэҕитий? Уонна биһиги улууспутугар бу этии хайдаҕый?
Оҕо хайдах киһи буолан тахсара Ийэттэн тутулуктаах.
Бүтүн норуоту Ийэ иитэр диэтэххэ, сыыспаппыт буолуо.
Чахчы даҕаны, киһини ийэ иитэн таһаарар буоллаһа, ол аата бүтүн норуоту иитэр эбит.
Бүгүн төһө да улууспутугар ыарахан кэм буолбутун иһин, ыҥырыыбытын ылынан истиҥ кэпсэтии тэрээһиҥҥэ кэлбиккитигэр дириҥ махталбытын тиэрдэбит диэн тэрийээччилэр махтаналлар.