Нам улууһун Ленскэй нэһилиэгэр биир күн түөрт саҥа дьиэ үлэҕэ киирдэ

Нам сэлиэнньэтигэр бүгүн «Хаарбах туруктаах дьиэлэртэн дьону көһөрүү» программанан түөрт дьиэ үөрүүлээх аһыллыыта буолла. Бэлиэтээн эттэххэ, хаарбах дьиэлэртэн дьону көһөрүү Нам улууһугар күүскэ үлэлиир.

Россия президенэ Владимир Путин бэйэтинэн киллэрбит «Жилье и городская среда» национальнай бырайыагынан уонна «Хаарбах уонна саахалланар туруктаах дьиэлэртэн дьону көһөрүү» программанан үгүс дьон тус олоҕун тупсарар.

Ол курдук, былырыыҥҥыттан тутуллан саҕалаабыт дьиэлэр биирдиилээн олоххо киирэн хаһаайыттарын буллулар. Ленскэй нэһилиэккэ бүгүн ураты күн. Вадим Анисимов салайааччылаах “Перспектива” ХЭТ Минияров аатынан уулусса 2 №-гэр толору хааччыллыылаах 25 квартиралаах; Григорий Кобяков салайааччылаах “Лигран” ХЭТ Максим Аммосов аат. 26 №-гар 8 квартиралаах; Владислав Соловьев салайааччылаах тутуу дьоно Степан Платонов аат. 59 №-гар дьиэлэр тутулланнар Нам сэлиэнньэтин тупсараллар, олохтоохтору үөрдэллэр.

Минияров аат. уулуссаҕа иккис таас дьиэ олоххо киирбититтэн олохтоохтор олус үөрэллэрин биллэрэллэр. Эдэр дьон үксээн сэргэхсийии тахсарын бэлиэтииллэр. Россия, өрөспүүбүлүкэ, улуус, нэһилиэк салалталарыгар махтанан туран, сырдык, ыраас дьиэҕэ иллээхтик олорорго тыл бастыҥын эттилэр.

“Күүппүт баҕа санаабыт бүгүн туолла. Биһиги Октябрьскай уулусса 14 №-ээх дьиэтиттэн үс оҕобунаан киин сиргэ (Миниярова уул.) дьиэлэммиппититтэн наһаа үөрдүбүт. Саҥа дьиэҕэ көһөрбүтүн балачча күүтүөхпүт дии санаабыппыт, бириэмэ олус түргэнник ааста, бүгүн күлүүс туппуппутуттан соһуйан хааллыбыт. Аны үчүгэйэ диэн, ыаллыы олорор дьоммут эмиэ бу дьиэҕэ кэллилэр”, – диир Вилена Прокопьева.

Максим Аммосов аат. уул. 26 №-гар 8 квартиралаах дьиэ

Степан Платонов аат. уулуссаҕа ылбыт дьиэ хаһаайыттара номнуо, инникитин дьиэлэрин хайдах курдук тутан-хабан олоруохтаахтарын кэпсэтэллэр, ыра санаа оҥостоллор. Холобура, хаһаайыттар толору хааччыллыылаах дьиэ биир этээстээх буоларын, сынньанарга тэлгэһэлээҕэ үөрдэрин эттилэр.

Дойду президенин «Жилье и городская среда» национальнай бырайыагынан Нам улууһугар сыл иһигэр элбэх квартиралаах үгүс дьиэ тутулунна. Өрөспүүбүлүкэҕэ Нам улууһа хаарбах дьиэттэн дьону көһөрүү программаҕа бастакылар кэккэлэригэр сылдьар. «2019-2025 сс. дьону хаарбах олорор фондаттан көһөрүү» аадырыстаах өрөспүүбүлүкэтээҕи программаҕа улуус үрдүнэн 29 014,41 кв м иэннээх 96 элбэх квартиралаах дьиэ киирбит. Күн бүгүн 15 тыһ. кв. м иэннээх хаарбах дьиэттэн 1032 киһи көһөрүллүбүт.

Харысхан Попов