Нам килбэйэр киинигэр 450 миэстэлээх таас оскуола бастакы сыбаайата Арассыыйа күнүгэр, бэс ыйын 12-гэр Ил Дархан кыттыылаах ууруллубута. Үөрэнээччи билии ылар киэҥ-куоҥ уораҕай дьиэтин ол күнтэн Игорь Борисов салайааччылаах “АЭБ Капитал” ХЭТ тэрилтэ ылсыбыта.
Тутууну салайар Тихон Сысолятин иһитиннэрэринэн, таас оскуола дьэндэйиэхтээх сиригэр үс буурдуур массыына, икки кыраан үлэлээбит. Намнар икки былаһааккалаах, толору хааччыллыылаах билиини биэрэр оскуола дьиэни 2024 сыл бүтүүтэ уруйдуохтара. 1963 сыллаахтан Нам оҕолоругар сырдыгы, сылааһы иҥэрэн саҕалаабыт, үөрэххэ угуйбут биир бастыҥ оскуола, хаттаан эдэригэр эргиллиэҕэ.
“Бүгүҥҥү күн туругунан, үөрэнээччилэргэ эһиил аанын аһыахтаах оскуола 316 сыбаайата түһэн бэлэм буолла. Үлэ бара турар сиригэр билиҥҥитэ биэс үлэһит баар. Бу сотору 20 монолит кутааччы уонна бетоннай блок кладкатыгар 15-20 иһинэн үлэһит кэлэрэ күүтүллэр”, – диир Тихон Александрович.
Наталья Никонова, оскуола дириэктэрэ:
– Оҕо ахсаанынан улууска иккис улахан оскуола буоларынан, кабинеттарбыт тиийбэттэр. Сүрүн улахан кыһалҕабыт манна буолар. Инньэ гынан, икки симиэнэнэн үөрэммиппит быданнаата…
Оскуола тутулла турарыттан үөрүүбүт үгүс. Намҥа саҥа оскуола тутуллан саҕаланарын нэһилиэнньэ барыта кэтэстэ. Хас биирдии учуутал, үөрэнээччи, төрөппүт баҕа санаата туолан эрэрэ – Ил Дархан, өрөспүүбүлүкэ, улуус билиҥҥи салалтата биир санаалаах, сөптөөх үлэни ыытарыттан көстөр.Үгүс киһини билии киэҥ аартыгар үктэннэрбит, кынаттаабыт тапталлаах кырдьаҕас оскуолабытыттан туохха да кэмнэммэт олох үөрэҕэр үөрэнэн, инникигэ эрэл ылан, куорсун анньынан саҥа оскуола дьиэбитигэр үлэлиэхпит: уһун сылларга үлэлээбит киэҥ билиилээх учууталлар, саҥа көрүүлээх, өйдөөх-санаалаах эдэрдэр.
Анисия Тихонова, төрөппүт:
– Намнааҕы иккис нүөмэрдээх оскуоланы кытта биһиги дьиэ кэргэн быһаччы ситимнээхпит. Ол курдук, тапталлаах оскуолабытыттан аҕам, аҕам балтылара, бэйэм билиини ылбыппыт. Чугастык, истиҥник саныыр оскуолабытын икки оҕом бүтэрбитэ. Оттон билигин түөрт оҕом эмиэ манна үөрэх кыһатын ылар.
Оҕолорбут 10 сыл устата икки симиэнэнэн үөрэнэллэрэ кэккэ уустуктардаах. Холобура, үөрэнээччи Оҕо искусствотын оскуолатыгар үөрэнэригэр ыарахаттары көрсөр. Сорох ардыгар, икки өттүттэн үөрэхтэригэр баттаһа кэлбэт түгэннэрэ эмиэ баар буолааччы. Төрөппүт күн ахсын оҕотун сарсыарда аҕалара, онтон аны биирин эбиэттэн киэһэ илдьэрэ наһаа үчүгэйэ суох. Аны туран, алын кылаас оскуола үөрэнээччилэрэ таас оскуолаҕа эбиэттииллэр, төттөрү-таары таҥнан тахсыылара соччото суоҕа өйдөнөр.
Намҥа оскуола тутуллуутун истэн бараммыт, биллэн турар, үөрүүбүт муҥура суох. Төрөппүттэр, үөрэнээччилэр хас да сыл күүппүт баҕа санаабыт, дьэ, туолан эрэриттэн ис сүрэхпититтэн үөрэбит, долгуйабыт. Маны этэн тураммыт, учууталларбыт үчүгэй усулуобуйаҕа үлэлээн, өссө да үрдүк ситиһиилэри аҕалалларыгар эрэнэбит.
Харысхан Попов