Нам улууһун ыччата Кэбээйигэ ыытыллар “Табыс” өрөспүүбүлүкэтээҕи ыччат фестивалыгар айанныаҕа. 30 киһилээх делегация бэс ыйын 5 күнүгэр Нам улууһуттан Кэбээйи сиригэр-уотугар турунуоҕа.
Нам ыччата араас куонкурустарга кыттыаҕа. Ол курдук: байыаннай эстафетаҕа, ыччат лиидэрэ куонкуруска, “Бастыҥ Бөҕөс” спорт төрүт көрүҥнэригэр күрэхтэһии, Россия уонна Саха сирин историятын тургутуу, “Мистер уонна Мисс Табыс”, попурри жанрыгар “Голос молодежи” ырыа куонкуруска.
Ону тэҥэ, ыччат хамаандалара, түмсүүлэрэ фиджитал-спорка күрэхтэһиэхтэрэ: CS:GO, страйкболл, PS FIFA, мини-футбол. “Тэтим” аныгы үҥкүү.
“Бастыҥ Бөҕөс” спорт төрүт көрүҥнэригэр күрэхтэһиигэ Нам улууһун аатыттан чэпчэки атлетика тренерэ Владислав Попов киириэҕэ. Бөҕөстөр ыам ыйын 7 күнүгэр «Үс төгүл үс», «Бег на 400 метров», «Таас көтөҕүүтэ» түһүмэхтэргэ тургутуһуохтара. Өссө мас тардыһыахтара уонна хапсаҕайдыахтара.
“Нам улууһуттан барыта 30 ыччат сарсын Кэбээйигэ айанныырга бэлэммит.
“Табыс” ыччат фестивалын үөрүүлээх арыллыытыгар Саха сирин биллэр-көстөр ырыаһыттара уонна артыыстара Кэскил Баишев, Моисей Кобяков, Владимир Тимофеев, Дмитрий Баишев, Kakitoka, Invent, Ankharob, DJ KRT, Харысхан Мойтохонов кыттыыны ылыахтара”, – диир улуустааҕы дьиэ кэргэн уонна ыччат отделын специалиһа Алина Неустроева.
Харысхан Попов